Дьону саахалланар дьиэттэн көһөрүүнү саҥа национальнай бырайыак салгыаҕа

Share

Саха сиригэр саахалланар туруктаах 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү “Олоххо наадалаах инфраструктура” саҥа нацбырайыак чэрчитинэн саҕаланыаҕа.

Бу туһунан кулун тутар 7 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын түмүктүүр отчуотун мунньаҕар эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү иккис түһүмэҕэ бу сылга түмүктэниэҕэ. Оттон Саха сирэ дойду үрдүнэн саамай элбэх маннык дьиэлээх эрэгийиэнинэн буолар.

“Иккис түһүмэххэ дьону туох баар саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрөр бырагыраамабытын  толорботубут. Онон сибээстээн, дойду Бэрэсидьиэнэ “Олоххо наадалаах инфраструктура” диэн саҥа нацбырайыагы биллэрбитэ, бу манан 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү салҕаныа. Саха сирин тутууну ыытар комплекса сылга 750 тыһ. кв.м. киллэрэр кыахтанна. Маннык кыамтанан биһиги көһөрөр бырагыраама үһүс түһүмэҕин кыайыахпыт. Чугастааҕы кэмҥэ Госдуумаҕа Олох-дьаһах кодексатыгар уларытыылары  киллэриэ, онно бырагыраама саҥа бэрээдэгэ тахсыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Кирилл Бычков.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн Дьокуускайга «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка түмүктэнэр

Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар «Саха сирин балыга» диэн ааттаах үгэс буолбут…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Оҕону мөҕөн-этэн барбакка, холкутук сыһыаннас

Киэһэ хойут айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, уулусса устун эрдэҕэс саастаах оҕолор хаамса сылдьар буолаллар. Бу оҕолор…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Биир киһиэхэ нуорма быһыытынан төһө собо тиксиэхтээҕий?

Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар.Онуоха санатар буоллахха, 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Де­нис: «Аһы-­үөлү улуус­тар дэ­лэ­гээс­си­йэ­лэ­рэ ил­дьэл­лэ­рэ бы­дан ор­дук»

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күргэ бастакы тирэҕэ турда!

Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар, Табаҕа сиригэр-уотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин буолан ааста. Этэргэ дылы, бэҕэһээҥҥэ диэри саарбахтыыр санаалаах киһи, бүгүн миэстэтигэр тиийэн туох үлэ-хамнас ыытылларын…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Байыаннай дьайыы зонатыттан тиэхиньикэ Саха сиригэр аҕалылынна

Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн былдьаммыт байыаннай тиэхиньикэ Аллараа Бэстээххэ кэлбитэ.  Бүгүн…

3 часа ago