Дьону таптыыр сүрэхтээх Вера Солдатова

Share

«Саха» Национальнай Көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа эрэдээктэрэ Альбина Тарабукина СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Орто Халыма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, суруйааччы, суруналыыс Вера Спиридоновна Солдатованы кытары “Тэтим” араадьыйаҕа “Олох инники күөнүгэр” биэриигэ дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиитэ дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ылла.

В.С. Солдатова Орто Халымаҕа култуура салаатын сэбиэдиссэйэ (1980- 87 сс.)

Вера Спиридоновна биһиги улууспутугар, араас таһымнаах салайар үлэлэргэ айымньылаахтык үлэлээбитэ. Айар тыыннаах, талааннаах салайааччыбытын биһиги бииргэ үлэлээбиттэрэ умнубаппыт. Бу кэпсэтиигэ Вера Спиридоновна Халыматын дьонун-сэргэтин олус истиҥник ахтар. Бу күннэргэ кинилиин сибээстэһэн интервьютун хатылыырыгар көрдөстүбүт, онуоха кини кэпсэтиини өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрдэ. Ону ааҕааччылар сэргиэхтэрэ диэн олус эрэнэбит.

Альбина Тарабукина: Эйигин үгүс дьон олоҕун бүтүннүүтүн бар дьонун туһугар сулууспаҕа анаабыт улахан уопуттаах, дьону түмэр, сомоҕолуур ураты дьоҕурдаах салайааччы быһыытынан билинэр. Ис кутуҥ арыллан кэпсэммитэ суох курдук. Дьэ, кэпсээ эрэ, эдэркээн кыыс Орто Халымаҕа хайдах тиийэн, тиксэн хаалбыккыный? Ол сыллар эн олоххор туох суолу-ииһи хаалларбыттарай?

В.С. Солдатова Орто Халымаҕа култуура салаатын сэбиэдиссэйэ (1980-87 сс.)

Вера Солдатова: 1979 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, Култуура министиэристибэтиттэн норуодунай тыйаатыр режиссерунан ананан тиийбитим. Миигин оройуон салалтата, култуура үлэһиттэрэ олус аламаҕайдык көрсүбүттэрэ. Дьиэ-уот кыһалҕата баара да, онно олус оҕустарбакка үлэлээн барбытым. Орто Халыма норуодунай тыйаатыра дириҥ устуоруйалаах тыйаатыр эбит этэ. Ону 1936 сыллаахха түһэриллибит хаартыска туоһулуура. Н.В. Гоголь “Кэргэн кэпсэтии” испэктээгин туруора сылдьаллара көстөрө, сыаналара эргийэр этэ диэн ахталлара. Онон, олохтоохтор тыйаатыры олус сөбүлүүллэр эбит этэ. Хас Култуура дьиэлэрин аайы дыраама кэлэктииптэрэ бааллара. Тыйаатыр декадатыгар тыа кулууптарыгар тиийэн, бэйэбит көмөлөһөн испэктээк туруорсарбыт. Артыыс дьоҕурдаах дьон бааллара. Иван Третьяков-Тош Уйбаан диэн киһи айылҕаттан айдарыылаах артыыс этэ. Туруорар испэктээктэрбитигэр кулуупка ыы- быччары көрөөччү мустара. «Москва курдук сиргэ үөрэммит үрдүк театральнай үөрэхтээх киһи» диэн миигин түргэнник ылыммыттара. Култуураҕа ол сылларга Ольга Алексеевна Винокурова диэн ис сүрэҕиттэн үлэһит, талааннаах режиссер, артыыс, тэрийээччи кулууп дириэктэрэ үлэлээбитэ. Кинилиин олус өйдөһөн, өйөһөн үлэлээбиппит. Биир сыл иһигэр баартыйа райкома дьоҕурдаах тэрийээччи диэн култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн анаабыта. Дьокуускайтан үрдүк үөрэхтээх, эмиэ тыйаатыр дууһалаах, Горнай кыыһа Светлана Григорьевна Лукина тыйаатыры туппута. Улуус салайааччылара бука бары кэриэтэ испэктээккэ оонньууллара: ким сатаабат пультка, уотунан киэргэтиигэ, суфлерга турааччы. Ордук Марина Андреевна Колесованы, Николай Владимирович Тарасовы, Елена Михайловна Дьячкованы, Василий, Дмитрий Кокориннары, Александра Николаевна Бережнованы, Надежда Иннокентьевна Иванованы дьиҥнээх патриоттар, каадыры өйдүү-өйүү сатыыр салайааччылар этэ дии саныыбын. Халыма муударай кырдьаҕастарын кытта алтыспыт, тылларын-өстөрүн истибит дьоллоохпун. Халыма дьоно мин салайааччы быһыытынан үүнэрбэр ураты оруоллаахтар. Баартыйа да кэмигэр миигин райкомҥа ким эрэ сэмэлээбитин, көбүөргэ ыҥырбытын өйдөөбөппүн. Арай планеркаҕа джинсынан кэлэрбин Марина Андреевна сиэрин табан өйдөппүтүн саныыбын. Арай биирдэ баартыйа кэмпириэнсийэтэ кулуупка ыытыллар буолбута. Онуоха кулуубу өрөмүөннээһини, бэлэмнээһини, улахан кэнсиэр сметатын онорууну оччотооҕу райком бастакы сэкирэтээрэ Владимир Иванович Винокуровка туруорсан, тута илии баттатан, 600 солкуобайы бэрдэрбитин өйдүүбүн. Ол харчынан эргэ кулууппутун киһи билбэт гына өрөмүөннээбиппит, курустаал лүүстүрэтигэр тиийэ киэргэппиппит. Хомойуох иһин, Саҥа дьыл иннинэ саҥа киинэ аппаратуратын уларытар кэмҥэ сыыһа холбоһууттан (замыканиеттан) иэдээн тахсыбыта. Баар-суох кулууппут умайан, санаа-оноо бөҕөҕө түспүппүт. Ол эрэн, норуот күүһүнэн успуорт саалата, кыра Култуура киинэ, өссө сыһыары мусукаалынай оскуола тутуллан харахпытын өрө көрбүппүт. Үлэбит салгыы күөстүү оргуйбута.

"Халыма долгуннара" хаһыат эрэдээксийэтин уонна типографиятын кэлэктиибэ (1992-94 сс.)

— «Халымаҕа култуураҕа, эрэдээксийэҕэ, типографияҕа, райкомҥа барытыгар саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ, нууччатыйан эрэр халымалары сахатыппыта» дииллэрин командировкаҕа сылдьан элбэхтик истээччибин. Араадьыйаҕа саҥа үлэлээн эрдэхпинэ «Вера Солдатова, Орто Халыматтан» диэн сонун арааһын кэпсииргин араадьыйа истээччилэрэ өйдүүр буолуохтаахтар. Ити суруйар кэпсиир дьоҕуруҥ хантан кэлбитэй?
— Кырдьыгынан эттэххэ, удьуорбуттан. Ийэм, аҕам өттүнэн бары тыл-өс баайдаах, салайар дьоҕурдаах бас-көс дьон этилэр. Биһиги кинилэргэ да тиийбэтэрбит, суруйууга “Бэлэм буол”, “Үөһээ Бүлүү” хаһыаттарга иитиллибитим. Нина Протопопова, Анастасия Сыромятникова эмиэ кырата суох оруоллаахтар. Литератураны, хоһоону-ырыаны оҕо эрдэхпиттэн бэйэм сөбүлүүбүн. 1960-с сыллардаахха дойдубар Өргүөккэ Литература күннэригэр саха суруйааччылара кэлэ сылдьыбыттара. Онно «Буурҕа буулдьа сылыгар” поэманы барытын өйтөн дорҕооннохтук аахпыппар Эллэй үөрбүтэ уонна төбөбүттэн имэрийбитэ. Анастасия Саввична оҕоҕо аналлаах маҥнайгы хоһооннорбун көрөн сэмэйдик хайҕаабыта, сүбэ-ама биэрбитэ.

"Үс Хатыҥ" ыҺыаҕын төрүттээччилэр И.Ф. Михальчук, В.С.Солдатова национальнай общиналары кытары (2000 с.)

— Эн элбэх талаан мустубут киһитэҕин. Салайааччы үтүөтэ этиҥ, аны бэйиэккин, худуоһунньуккун, муусукаҕа эмиэ холоноҕун, ырыаһыккын, оһуокай этэҕин, хомусчуккун, ааҕар маастарыстыбаҥ үрдүк, хоһоон ааҕан иһитиннэрдиҥ. Итини барытын уһун сылларга ханна кистии сылдьыбыккыный?
— Итини барытын ийэ айылҕабыттан, төрөөбүт-үөскээбит дойдубуттан, дьоммуттан ийэ куппар иҥэриннэҕим буолуо. Аан Алахчын аһара хайҕаабыт, алҕаабыт ача күөх алаастарыгар боростуой, дьиҥнээх хара үлэ дьон эйгэтигэр, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылаах ийэҕэ-аҕаҕа иитиллэн оҕо сааһым ааспыта. Дьоҕурум ханна барыай, ол гынан баран, ол барыта салайааччы киһи үлэни-хамнаһы тэрийэригэр барар этэ. Барытын киэҥник ырытан, айан, толкуйдаан, сүбэлэһэн, ыараҥнатан эрэ баран үлэни сүрүннүүргэ, салайарга туһуланар этэ. Оннук салайыы үтүө түмүктэрдээх буоллаҕа. Улахан болҕомтобун каадыры кытары үлэҕэ уурар этим. Дьоҕурдаахтарга кыайарбынан сүбэлээн, көмөлөһөн, өрө көтүтэн үлэлиир истииллээх этим. Дьону таптыыбын.
Ол барыта ситиһиинэн эргийэрэ. Мин санаабар, саха дьоно барыта да дьоҕурдаах, талааннаах. Көҥүл, таптал, өйдөһүү, арыый сололонуу баар буоллаҕына, иэйиини сириэдитэр буоллаҕа. Урут наар эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх үлэҕэ сылдьар буоллаҕыҥ. Хоһоон айа, уруһуйдуу олоруоҥ дуо? Биирдэ эмэ оһуокайдыырыҥ, үҥкүүлүүрүҥ да урут салайааччы киһиэхэ соччо ылыныллыбат этэ.

"Төрүт дойдубут -- Өргүөт" кинигэ презентацията, Үөһээ Бүлүү (2021 с.)

Эн хоһоонноруҥ, ырыаларыҥ бары сырдык тыыннаахтар, кэрэҕэ иитэллэр. Холобура 53 сыл устата ыччат уоһуттан түспэт «Айан ырыата” баар. Биһиги ахсыс кылааска ыллаан, лауреат буолбуппут. Кэлин “Эйэлээх эһиэкэйиҥ” Василий Еремеев толоруутугар бэртээхэй ырыа. Аны 15 кинигэни, элбэх хартыынаны суруйдуҥ. Эн бэйэҥ оҕолоргун, сиэннэргин хайдах иитэҕин?
— Оҕо иитиитэ миигин олус долгутар киэҥ, дириҥ, мөккүөрдээх, ыарахан боппуруос. Кылгас биэриигэ эппиэт кыаллыбат. Мин оҕолорум, сиэннэрим улаатар кэмнэригэр оҕону иитиигэ уопсастыба оруола олус киэҥ, күүстээх этэ. “Киһи киһиэхэ доҕор, быраат, табаарыс”, “Ким үлэлиир, ол аһыыр” диэн сиэр-майгы саамай сөптөөх. Ол суолунан киһи- хара, үлэһит буоллахтара. Билигин хос сиэннэрбэр кыаҕым да кыра, мэнээк буккуспаппын. Толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннаран, бэлэм эппиэти биэрбэккэ: «Эн бэйэҥ туох диэн токкуйдуугун?» — диэн кэпсэтэбин. Тыйаатырга, быыстапкаҕа, киинэҕэ сырытыннаран, ону ис хоһоонун кэпсэттэрэбин, өйтөн суруйтарабын, нуучча норуодунай ырыаларын эмиэ дэҥҥэ иһитиннэрэн туох санааны үөскэтэрин ыйытабын. Арассыыйа, Саха сирин устуоруйатын лаппа ырытан кэпсэтээччибин. Кинилэр мин дьарыкпын үтүктэ сатыыллар. Кырааскабын эҥин кэлэн буккуйан уруһуйдууллар, нотаны эмиэ кыралаан билэллэр, кинигэ аахтара сатыыбын. Успуордунан дьарыктанар муннук тэрийэн биэрбитим.

— Нотаҕа, синтезаторга оонньуурга ханна үөрэммиккиний?
— Бүлүү педагогическай училищетыгар аҕыйах муусука чааһа баара. Баяҥҥа үөрэммитим. Синтезатор олох чэпчэки. Кыра «слухтаах» киһи сахалыы ырыаны таах оонньуур, күн аайы кыралаан таккыйыахха наада. Тыаһа кыччыыр. Кими да мэһэйдээбэккин. Баяны бардырҕатаҕын диэн дьиэҕэ мэһэйдэтэллэр. Гитараны ностуруойдуохха эҥин наада.

Сөтүөлээбит үрэҕим - сөрүүн уулаах сүрэҕим. (В.С. Солдатова уруһуйа).

— Оттон уруһуйуҥ эмиэ харахха быраҕыллар. Философиялаах диэн көрөбүн. Билигин тугу уруһуйдуугун?
— Пейзаһы. Өрүстэри, үрэхтэри, муораны уруһуйдуурбун олус таптыыбын. Муора киэҥ санааны саҕар, уоскутар күүстээх. Ону тэҥэ, биллэн турар, сүрүн тиэмэм — төрөөбүт, иитиллибит Ийэ айылҕам көстүүтэ. Ол сүрэхпэр-быарбар иҥмитэ кырааска өҥүн көмөтүнэн тахсан эрдэҕэ.
— Кыраасканы, өҥү туттарыҥ олох идэлээх киһи курдук дии?
– Одуулаан, толкуйдаан баран өҥнөрү буккуйан ылабын. Кырааска, өҥ эмиэ бэйэтэ муусука, поэзия курдук. Иэйии, таптал наада… Наһаа таптыыр миэстэҕин өҥүн эрэ буолбакка, сытын-сымарын кытта сүрэххэр илдьэ сылдьар буоллаҕыҥ дии. Күндү киһиҥ ойуулаа диэн эрэннэҕинэ эбэтэр бэйэҥ кинини санаан ойуулуур буоллаххына, эмиэ ураты истиҥ иэйиигэ киирэҕин. Уруһуй киһини холкутатар, уоскутар, толкуйдатар. Уруһуйдааҥ.
— Ити оһуокай диэбитиҥ дии. Соторутааҕыта Бүлүү педучилищетын 100 сааһыгар эппит-тыыммыт эһиэкэйиҥ уос номоҕор сылдьар эбит. Эчи тылы дьүөрэлээн, дьүрүскэн тэтимнээн, дэгэлдьитэн этэр-тыынар да эбиккин… Олус сөхтүм. Өссө сурукка киирэн, училищеҥ устуоруйатыгар үтүө ааккын ааттата сылдьыа. Этииҥ ис хоһооно олох устуоруйалаах: Староватов, Протопопов, Бубякин, каучугу айбыт Кондаков диэнтэн саҕаланар. Итинник эмиэ этиэххэ сөп эбит дии?
— Оннук буоллаҕа, Бүлүү — үөрэх, сайдыы киинэ. Хаһаактар тэрийбит оскуолаларыгар үөрэммит ыччаттар саха норуота үөрэхтэнэригэр оруоллара сүҥкэн. Элбэх судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, култуурабыт, ускуустубабыт ийэлэрэ-аҕалара Бүлүүттэн тахсыбыттара, Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэн кынаттаммыттар элбэхтэр. Марк Жирков дойдута буоллаҕа. Дэлэҕэ даҕаны бүлүүлэр “Ньургун Боотур” курдук операны туруорар таһымнаныахтара дуо? Туох барыта силистээх-мутуктаах. Бүлүү дьонун уопсастыбаннай, патриотическай, духуобунай тыынын иҥэриммит ыччат элбэх. Ол иһигэр, мин эмиэ. Дойдубут, дьоммут туһа диэн сырыттахпыт.
— Вера Спиридоновна, эн үйэҥ тухары салайааччы эбиккин. Ити кистэлэҥэ туохха сытарый? Ханнык эмэ түгэҥҥэ ыарырҕатан, дьулайан, эппиэтинэстэн аккаастаан кэбиһэр санаа киирбитэ дуо? Ханна ордук таһаарыылаахтык үлэлээбитим эбэтэр тугу кыайбатаҕым дии саныыгыный?
— Мин дьону таптыыр сүрэхтээхпин. Дьону таптаан, убаастаан, дьоҥҥо көмөлөһөн дьону түмэн, сүбэлэһэн үлэлиир истииллээхпин. Хаһан да, ханна да мин хотуммун, мин эрэ билэбин дэммэтэҕим. Үлэһиттэрбин кытары куруук тэҥҥэ күлэ-үөрэ сылдьааччыбын, дьиэбэр-уоппар да кэлээччилэр.
Орто Халымаҕа Ольга Алексеевна Винокурова — култуураҕа, Мария Афанасьевна Кудрина — хаһыакка, Евдокия, Галина, Евгений Слепцовтар типографияҕа тутаах дьоннорум, тирэхтэрим этэ. Баартыйа райкомугар тирэхтэрим, көмө дьонум учууталлар, доруобуйа харыстабылын, култуурам, хаһыатым үлэһиттэрэ, ытык бэтэрээннэр этилэр.
Үгүс каадырдарым хайа эрэ өттүнэн миигиттэн лаппа таһыччы, идэлэрин киэҥник баһылаабыт дьон этилэр. Култуураҕа үлэлиир сылларбар хоту база мөлтөҕө, үлэһиттэрбэр дьиэ-уот суоҕа, хамнас кырата санаарҕатара, атахтыыра. 1990-с сылларга ырыынак сокуоннара киирэн, типографиям үлэһиттэрэ хамнастанан, дьиэ-уот туттан, саҥа технология киирэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ өйбүттэн сүппэт. Улахан иэстээх тэрилтэлэрбиттэн иэстэрин суотугар миэбэл, эт, ас аҕалан түҥэттэрдэхпинэ, сорох үлэһиттэрим соһуйан, ылымаары муҥнуулларын санаан билигин да күлсэбит.

В.С. Солдатова дьиэ кэргэнэ, хос сиэннэрэ (2018 с.)

— Дьон итэҕэлэ, бэйэҥ үлэҕэ үрдүк эппиэтинэһиҥ оруола буоллаҕа. Мин Дьокуускай куоракка Илья Филиппович Михальчук хамаандата олус тэтимнээхтик үлэлээбитин өйдүүбүн. Онно эһиги Октябрьскай уокурукка улахан уопсастыбаннай хамсааһыны таһаарбыккыт. Лаппа уһуктуу сыллара этилэр. «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай” диэн сантехниктары, дворниктары, оптуобус суоппардарын уо.д.а. Саҥа дьылга үрдүк сыанаҕа таһааран чиэстээһин уонна куорат күнэ баар буолбута. Онтон саҕаламмыта ээ Дьокуускай куораппыт саҥалыы сайдыыта. Ону ама ким умнуой?
— Оннук баара. Мин дьону истэр, дьонтон үөрэнэр, кытаанах сүрүннээх, киһини убаастаан, өйдүү сатаан, эрэнэн үлэлэтэр салайааччыларга үлэлээбит дьоллоохпун. Ордук Дьокуускай куорат мэринэн дьон-сэргэ билиниитин ылар курдук үлэлээбит-хамнаабыт Илья Филиппович Михальчугу үрдүктүк сыаналыыбын, билигин быраатым, доҕорум курдук сибээстэһэбин. Мэрия үлэтэ ол ыһыллыы сылларыгар дьэ, ыарахан этэ. Ол иһин, куораты салайан, куорат хаһаайыстыбатын бэрээдэктиир, куорат олохтоохторугар чугаһыыр туһуттан аҕыс уокуругу Илья Михальчук тэрийбитэ. Октябрьскай уокуругу миигин ыл диэбитин сөбүлэспиппин кэмсинэ да сыспыт түгэннэрдээх этим. Коммунальнай хаһаайыстыбаҕа үлүгэрдээх ыһыллыыны-тоҕуллууну ситэ сыаналаабатах этим. Онно хомсомуолум, баартыйам, Халымам оскуолата абыраабыта. Күүстээх, уопуттаах каадырдары түмпүтүм. Чааһынай тэрилтэ тэринэн, холкутук үлэлии сылдьар инженер-энергиэтиги, биир дойдулаахпын Анатолий Андреевич Кырдьаҕааһабы буллаттаран, ыйы-ыйынан ааттаһан, солбуйааччынан анаабытым, үлэбитигэр сотору хамсааһыны таһаарбыта. Үп-харчы кэмчитигэр сигэммэккэ, дьиэлээхтэргэ тиийэн сүбэлэһэн кыттыгас үбүлэнэн, уу-хаар, дьэбин сиэбит турбаларын металлопластикка уларытыы, канализацияны саҥардыы, подъезтары өрөмүөннээһин, оҕо былаһааккаларын сөргүтүү, “Камыш”, “Кузова”, “Металлалом” диэн бырагыраамалары оҥоро охсон, устудьуоннары көмөлөһүннэрэн чахчы хамсааһыны таһаарбыппыт. Дьон-сэргэ көҕө, көмөлөһөр баҕата сөхтөрбүтэ. Билигин куораттар ол дьиэ аннынааҕы муус айсбергдары, уу-хаар бүөлэнэр кыһалҕатын, тымныы уораҕайдары түүлгэ эрэ көрөллөр. Социальнай пааспар толорон, хас биирдии дьиэ тиэхиньиичэскэй балаһыанньатын докумуоннатан, инбэлииттэри, кыамматтары, элбэх оҕолоохтору социальнай хайысхалаах тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстээн, чопчу үлэ саҕаламмыта. Эргэ хаарбах дьиэлэри кыбартаалынан көтүрэн, саҥа дьиэлэри тутуу эмиэ мин салайар уокурукпуттан саҕаламмыта. Участковайдары уокурукпар ылан дьиэлээн-уоттаан, тырааныспардаан, уопсастыбаннай бэрээдэк лаппа тупсубута. Бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларын хаһаайыттары кытары бэрээдэктээн, ыт айдаана суоҕа. Паспортнай остуоллар үлэлиир усулуобуйаларын эмиэ суһаллык тупсарбыппыт. Илья Филиппович миэхэ мэр солбуйааччы боломуочуйатын сүктэрэн уокуруктары үлэҕэ үөрэтэрим, куорат хаһаайыстыбатын бары улахан салайааччыларын кэбиниэппэр ыҥыран кэпсэтэн, уокуругум кыһалҕаларын быһаарсар буолбутум. Онтон «Аны Губинскай уокуругу өрө тарт» диэн буолбута. Онно үлэлии сылдьан доруобуйабынан, сааспынан, баҕабынан биэнсийэҕэ барбытым. Ону кэмсиммэппин, айар үлэнэн, хос сиэннэрбинэн олоробун.
— Вера Спиридоновна, ылыннарыылаах тылыҥ-өһүҥ, эйиэхэ дьон итэҕэлэ, салайар үлэҕэ уопутуҥ манна барытыгар көмөлөспүтүн, дьону түмэр улахан дьоҕургун дьоһуннаан бэлиэтиир оруннаах. Ити ырыа буолбут “Эйэлээх эһиэкэйиҥ” тылын курдук эрчимнээхтик эргичийэн, отучча сыл сыл араас таһымнаах салалтаҕа үлэлээн- хамнаан кэллиҥ. Дапсы: «Салалта хоччоххой, дьэбир эйгэтигэр хайдах айар-тутар кыаххын сүтэрбэккэ кэлбиккин сөҕөбүн» диэн оннооҕор сахалыы тылыҥ ууһун-уранын хайҕаабыт, сөхпүт этэ дии. Онтон талааннаах бэйиэт, бочуоттаах судьуйа Уйулҕаана эйигин: «Муудараһын сүтэрбэтэх салайааччы» диэччи. Онуоха дойдугар, дьоҥҥор-сэргэҕэр сүгүрүйүүҥ, итии-истиҥ тапталыҥ күүһэ көмөлөстөҕө диэххэ сөп дуо?
— Сөп бөҕө буоллаҕа. Бу олоххо таптал барытын сирдиир да, киһи олоҕун симэлитэр да…
-Олоҕуҥ аргыһа, кэргэниҥ уонна дьиэ кэргэниҥ илэ-эйэтэ барытыгар эрэллээх тирэх, көмө өйөбүл буоллаҕа.
— Толору сөбүлэһэбин. Мин олоҕум, үлэм, айар иэйиим түсчүтэ — тапталлаах кэргэним, Халымам үйэлээх мааны бэлэҕэ, дьолум Алексей Афанасьевич Солдатов. Олус холку, ыраас, кыраһыабай киһи, аҕам курдук дьүһүннээх, майгылаах. Мин дьолбор, оҕолору-уруулары, сиэннэри харайыы — үксэ кини үтүөтэ. Ол иһин үлэм, айар үлэм билигин тахсыылаах. Дьиэбэр-уоппар үйэбэр оҕо курдук сырыттаҕым.

В.С.Солдатова уола Айдар Лазаревич Иванов.

Вера Спиридоновна, бүгүн олоҕуҥ түгэннэриттэн кэпсээбитиҥ, олоххо көрүүлэргин аһаҕастык үллэстибитиҥ иһин махтанабын уонна салайааччы, айар үлэһит киһи ис туруга норуокка чугас, норуоту кытта биир буолар кыаҕа хантан силистэнэн-мутуктанан тахсарын кэпсээбиккэр баһыыба. Эн кэпсээниҥ ис хоһооно, тыыннаах холобура — эн уолуҥ Айдар Иванов. Айдар Лазаревич өрөспүүбүлүкэ борокуруорунан уһуннук үлэлээбитэ, юридическай наука хандьытаата. Эн орто дойдуга кэлбит дьолуҥ — сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ улааталлар.
-Дьоммор-сэргэбэр тапталы, эрэли, эйэни баҕарабын!

Анастасия КОКОРИНА

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago