Дьокуускай-Аллараа Бэстээх өрүс суолунан сырыы муус устар 17 күнүгэр диэри уһаата

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх Өлүөнэ өрүһүнэн сырыы муус устар 17 күнүгэр сабыллыаҕа. Тустаах хайысханан өрүһү туорааһын 4 туоннаҕа диэри уйуктаах кыра массыыналар туоруулларыгар уһатылынна.
Сарсыҥҥыттан, муус устар 15 күнүттэн Өлүөнэ өрүскэ Кангалас-Суотту хайысханан 4 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар сылдьаллара көҥүллэниэҕэ. Тустаах хайысханан өрүһү туорааһын муус устар 17 күнүнэн сабыллара былааннанар.
“Бүлүү” федеральнай суолга Үөһээ Бүлүү улууһун Бүлүү, Ньурба улууһун Күндээдэ уонна Сунтаар улууһун Сунтаар, Кириэстээх сэлиэнньэлэринэн Бүлүү өрүһүн, “Халыма” федеральнай суолга Алдан өрүһү, Хатас-Павловскай, Жатай-Төхтүр хайысханан эрэгийиэн суолталаах икки учаастагынан Өлүөнэ өрүһү, “Амма” федеральнай суолга Амма улууһугар Амма уонна Уус Маайа улууһугар Алдан өрүстэри туорааһын сарсын, муус устар 15 күнүгэр сабыллара быланнанар.
Ону тэҥэ, муус устар 11 күнүттэн Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар Умнас эрэгийинээҕи кыһыҥҥы суол сабыллыбыта.
Муус уонна күн-дьыл хайдаҕыттан тутулуктанан өрүс суолунан сырыы сабыллыытын болдьоҕо уларыйан биэриэн сөп. Бу туһунан Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм ханаалыгар иһитиннэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: