Хаартыска: Людмила Попова.
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх Өлүөнэ өрүһүнэн сырыы муус устар 17 күнүгэр сабыллыаҕа. Тустаах хайысханан өрүһү туорааһын 4 туоннаҕа диэри уйуктаах кыра массыыналар туоруулларыгар уһатылынна.
Сарсыҥҥыттан, муус устар 15 күнүттэн Өлүөнэ өрүскэ Кангалас-Суотту хайысханан 4 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар сылдьаллара көҥүллэниэҕэ. Тустаах хайысханан өрүһү туорааһын муус устар 17 күнүнэн сабыллара былааннанар.
“Бүлүү” федеральнай суолга Үөһээ Бүлүү улууһун Бүлүү, Ньурба улууһун Күндээдэ уонна Сунтаар улууһун Сунтаар, Кириэстээх сэлиэнньэлэринэн Бүлүү өрүһүн, “Халыма” федеральнай суолга Алдан өрүһү, Хатас-Павловскай, Жатай-Төхтүр хайысханан эрэгийиэн суолталаах икки учаастагынан Өлүөнэ өрүһү, “Амма” федеральнай суолга Амма улууһугар Амма уонна Уус Маайа улууһугар Алдан өрүстэри туорааһын сарсын, муус устар 15 күнүгэр сабыллара быланнанар.
Ону тэҥэ, муус устар 11 күнүттэн Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар Умнас эрэгийинээҕи кыһыҥҥы суол сабыллыбыта.
Муус уонна күн-дьыл хайдаҕыттан тутулуктанан өрүс суолунан сырыы сабыллыытын болдьоҕо уларыйан биэриэн сөп. Бу туһунан Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм ханаалыгар иһитиннэрэллэр.
Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Егор Петрович…
Быйыл өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар барыларыгар эргиэн логистическай кииннэрэ аһылыннылар. Бу соругу Айсен Николаев Судаарыстыбаннай…
СӨ Баһылыга Айсен Николаев 2024 сылга Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) Ыҥырыытыгар биэрбит сорудаҕын толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ…
Бу 2025 сылга Кыыллаах орто оскуолатын кыраайы уонна устуоруйаны үөрэтэр түмэлэ тэриллибитэ 55 сыла. Садот…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ буола турар. Ил Түмэн спикерэ Алексей…
«Кыайыыга бииргэ!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа суһал ыстаабыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри түҥэтии саҕаланна.…