Дьокуускайга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ АДПИ туруораллар
Атырдьах ыйын 12 күнүттэн «Приоритет» ХЭУо күүстэринэн Дьокуускай куоракка уустук балаһыанньалаах эбэтэр кыаммат элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор дьиэлэринэн АДПИ туруоруу тэрээһинэ ыытыллар.
Бу туһунан куораттааҕы Гражданскай оборуона уонна ЫБМ управлениета иһитиннэрэр. Билиҥҥи кэмҥэ 58 ыалынан 222 АДПИ туруоруллубут. Баһаартан сэрэтэр аныгы тэрили туруортарарга уустук балаһыанньалаах эбэтэр кыаммат элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр куорат таһынааҕы уокуруктарынан уонна куорат дьаһалталарыгар сайабылыанньа суруйуохтаахтар. АДПИ-ны истиэнэҕэ уонна дьиэ үрдүгэр туруорарга эбии баһаарынай ситим тардыллара уонна тэрил ылыллара ирдэммэт. Ол оннугар сыл устата биирдэ батареятын уларытар уонна пылесоһунан электроннай датчик камератын үрдэрэр наада.
АДПИ – автономнай баһаары сэрэтэр тэрил кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Оннооҕор түүн ортото тыаһаан дьону уһугуннаран иэдээн тахсарыттан сэрэтэр аналлаах. Хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: