«Дорҕоонноох доҕоттор» түһүлгэлэриттэн санаалар…

Share

Олоҥхо тыйаатырын иһинэн үлэлиир “Дорҕоон дойду” айар түмсүү (салайааччы Герасим Павлов) тэриллибитэ 10 сылыгар Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын муус устар 13 күнүгэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр  «Дорҕоонноох доҕоттор» өрөгөй түһүлгэтигэр муста.


Биллэриигэ уонна кэнсиэркэ этиллибитинэн, улахан кэнсиэртэн киирбит үп байыаннай дьайыы пуондатыгар ананар. Байыаннай дьайыы дойду олохтоохторун барыларын долгутарын аҥаардас кыттааччылар да географиялара туоһулуур. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыларыттан кэриэтэ, ол иһигэр Уһук Хотуттан, кэлбит доҕоттор дорҕоонноохтук ыллыы-туойа, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэ кэлбиттэр. Кыттааччы элбэх буолан, итиччэ ыраахтан кэлэн баран биирдии эрэ ырыаны толорбуттара кыратык хомолтолоох. Ол да буоллар, аҥаардас биир түгэн, ол эбэтэр ырыаһыттар бары тыыннаах доҕуһуолунан ыллаабыттара көрөөччүнү толору астыннарда.
Кэнсиэри ыытааччы Аскалон Семенов эдэркээн бэйэтэ толорооччулар, ырыалар устуоруйаларын, умнуллубат көрүдьүөстээх да  түгэннэри үчүгэйдик билэрэ-көрөрө, ыытааччы оруолугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыта кэрэхсэттэ.
Бу күн кимиэхэ эрэ олох саҥа, кимиэхэ эрэ уруккуттан биллэр хит-ырыалар толорулуннулар. Хит буолбут ырыаларга көрөөччүлэр ытыстарын тыаһын харыстаабатылар, тэҥҥэ ыллаһа олордулар.
Бары да билэр Андрей Старковпут «Саас Муомаҕа» ырыата — 47, Василий Иванов «Хатыҥнар сайыны түһүүллэр» ырыата 40-чэ сыл уостан түспэккэ ылланан кэллилэр. Бүгүн Василий Иванов бу ырыатын тыыннаах доҕуһуолунан толоруута эмиэ олох атыннык иһилиннэ. Көрөөччүлэр өр да өр сыанаттан ыыппатылар. Үйэлээх ырыа диэн бу буоллаҕа.
2000-с сыллар ыччаттара сөбүлээн истибит, толорбут «Дайаана» ырыаны Алексей Вензель балтын Дайаанаҕа ахтылҕанын таһааран суруйбут.
Бу күн «Дорҕоон дойдулар» көрөөччүлэргэ соһуччу бэлэҕи оҥорбуттар диэтэххэ,  омуннааһын буолбата буолуо. Ол курдук, элбэх ырыа ааптардара бэйэлэринэн кэлэн бу түһүлгэҕэ кыттыбыттарыгар, үгүс көрөөччү аан бастаан ылламмыт ырыалар кэмнэригэр төннөн ылан, эдэр сааһын санаатаҕа. Дмитрий Санников («Баян»), Маай Майгы («Оо, Бүлүү»), Гаврил Спиридонов («Анаабырым мин дойдум»), Анна Гаврильева-Туолаана («Мин ырыам»), Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ («Индигиир хайалара») курдук ааптардары, этэргэ дылы,  илэ бэйэлэринэн көрөн дуоһуйдубут.

Бу күн ааҕааччыга киэҥник биллэр бэйиэттэр хоһоонноругар ырыалар айыллан ылламмыттарыттан биир бэйэм «Толорооччулар ырыа тылыгар болҕомтолорун уурар буолбуттар эбит» диэн үөрэ санаатым. Ол курдук, Күннүк Уурастыырап тылларыгар Инна Донская-Дайаана («Санаатым»), кимиэхэ да маарыннаабат, ураты хоһооннорунан ааҕааччыны умсугуппут (хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суох) Егор Старостин-Байаҕантай тылларыгар Туйаара Неустроева «Чуумпуну иһиллиэх»,  Александра Жиркова-Дьүөрэл тылларыгар  Дьарааһын «Ырыа айан», Настя Алексеева «Эгди сүрэх», Айыллаана «Алгыһым», Лена Захарова уонна Лена Кучарова «Ырыа барахсан», Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ хоһоонугар Лилия Долгун «Тэтиҥнэр» ырыалары толордулар. Онтон Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал «Дойдум туһунан санаа» бэйэтин тылларыгар олоҥхолуу рок-толоруута сонуннук иһилиннэ.


Кэнсиэр Сергучевтар дьиэ кэргэнтэн үс ырыаһыт Степан, Федор уонна Петр биирдиилээн толорууларынан түмүктэннэ. Өссө кинилэр бииргэ төрөөбүттэрэ Ольга Охлопкова-Чөмчүүнэ Томпо улууһуттан кэлэн, ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ. Елена Ильина-Намчы, Мая Григорьева ырыалара сонуннук иһилиннилэр.
Ханнык баҕарар кэнсиэртэргэ, айар тэрээһиннэргэ көрөөччү, истээччи хайаан да бэйэтигэр саҥаны арыйар. Мин бүгүҥҥү дорҕоонноох түһүлгэҕэ «Якутскэнерго» үлэһитэ, «Чуумпуну иһиллиэх» ырыаны толорбут  Туйаара Неустроеваны олус сэҥээрдим. Академическай куолаһа, сыанаҕа туттара-хаптара чахчы да көрөөччүнү чуумпуну иһиллииргэ угуйар курдук. Туйаара Неустроева Уус Алдан улууһун «Кэнчээри» ансаамбылыгар үс сыл дьарыктаммыт, устудьуоннуу сылдьан уонна Мииринэй куорака «Иэйии» норуодунай ансаамбылга солисткалаабыт эбит. Быйыл Аркадий Алексеев ыытар ырыа куонкуруһугар «Лыҥкынас куолас» анал ааты ылбыт.

Кэнсиэри тыыннаах доҕуһуолунан Егор Ефимов, Айсен Кысылбаиков, Дмитрий Готовцев,   Петр Заровняев, Юрустаан Михайлов, Айсен Федоров, Герасим Павлов –Дьарааһын киэргэттилэр.

Үбүлүөйдээх тэрээһин сиэринэн, «Дорҕоон дойду» уон сылынан  СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн)  кэмитиэтин Бочуотунай  грамотатын бас-гитарист Дмитрий  Готовцев, «СӨ култууратын туйгуна» бэлиэни оператор Анатолий Слепцов туттулар.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

30 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago