Кэптэнитээҕи кинигэ кыһатын сэбиэдиссэйэ Мария Андросова бэлиэ дьон ааттарын сырдатыыга дьоһун үлэни тэрийэр. Саха норуотун уларыта тутуу ыарахан сылларыгар санааларын көтөхпүт, тыа сирин олохтоохторугар хамнас кэлбэт, хойутуур кэмнэригэр болҕомтотун уурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх чааһы тэрийдэ.
Экраҥҥа аныгы ситиминэн Михаил Ефимович төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, кэргэнэ, оҕолоро, эдэр сааһыттан аҕам алгыстаах сааһыгар тиийэ хомуллан, 85 сааһыгар үөрэн-көтөн бу тахсан барыбытын кытта илии тутуһан дорооболоһуохтуу турарыгар тиийэ көрдөрүлүннэ. Бары даҕаны, ол иһигэр кини бэрэсидьиэнниир сылларыгар үлэ үгэнигэр, олох олус ыарахан, соҕотохто үлэтэ суох хаалыыны билбит бэтэрээннэр Михаил Ефимович сырдык санааны сахпытын, укулаата уларыйбыт уларыта тутуу көнөн барбытын туһунан күө-дьаа кэпсэттилэр.
Кырдьык даҕаны, 1990-с сыллартан саҕалаан, саха норуотун инникитин өтө көрөн, араас ыарахан кэпсэтиилэри Москваҕа ыытан, араас айаннары айаннаан суверенитеттаах, кэнсиэпсийэлээх өрөспүүбүлүкэ оҥорбутун туһунан «Аал Уот» түмсүү лиэктэрэ улуу нуучча тылыгар, литэрэтиирэтигэр үйэ аҥарын курдук ыччаты уһуйбут Екатерина Шарина кэпсээтэ. Мария Николаевна кинигэни кытта өрүү кэпсэтэр бибилиэтиэкэр саха норуотугар сайдар саҕахтары арыйбыт бастакы бэрэсидьиэҥҥэ Михаил Николаевка аналлаах биктэриинэни ыытта. Бэтэрээннэр бары даҕаны биэс тарбах курдук билэллэрин бигэргэтэн соһуттулар. Салҕыы суруйааччы Ульяна Бурнашева-Уйана Полина-Победа «Табыллыбыт киһи» хоһоонун аахта.
Дьэ,бу кэнниттэн сахалыы иһити оҥорууга норуот уус-уран оҥоһуктарга маастара Мария Бурнашева маастар-кылаас ыытта. Кыһанан-мүһэнэн кырыйан, килиэйдээн кыптыый, мээрэй көҕүн тутан, сахалыы иһиттэр киэркэйэн истилэр.
Эдэр, чэгиэн сааһыгар Мүрү эбэ мүөттээх салгынынан сайа тыынан, куудара баттаҕын сөрүүн тыалга өрүкүтэн үлэлээбит Михаил Ефимовичтарын ахтан, кэпсэтэн оҥоһуктара ситэрин билбэккэ хааллылар. Биир дойдулаахпыт Уйбааҥка Копыринныын тимир штанганы өрө анньан өрөспүүбүлүкэҕэ Уус Алдан аатын көмүскээн, кыайан-хотон кэлэллэрин, тустан да ылалларын, «Лена-Мүрү» водопроводы үлэҕэ киллэрбитин ахтан аастылар.
Ульяна БУРНАШЕВА, суруйааччы
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…