Салгыы
“Дорообо, сахаҕын дуо?”

“Дорообо, сахаҕын дуо?”

12.01.2025, 12:00
Хаартыска: Варвара Илларионова тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Госпитальга өй-мэй, ыарахан туруктаах сытар саха оҕотугар бу тыллар саҕа күндү баар үһү дуо? Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан соҕуруу куораттарга олорор сахалар госпиталларга баран, бааһырбыт уолаттар эрэйдэрин чэпчэтэр үлэни буолуохтааҕын курдук эбээһинэс оҥостон кэбиспиттэрэ. Бу уйулҕа тулуйар-тулуйбат туругун, эт-хаан эстэр сыратын чараас санныларыгар бастакынан волонтер-эдьиийдэр сүкпүттэрэ. Ол курдук “Саха-Петербург” волонтерскай хамсааһыны үһүс сылын Варвара Илларионова салайан үлэлэтэр. Хамсааһын хайдах саҕаламмытын туһунан “Саха сирэ” хаһыат ааспыт сыллааҕы 48 №-гэр суруйан турабыт.

Волонтер намчы санныгар

Варвара Дмитриевна идэтинэн Мариинскай тыйаатырга үлэлиир. Бэйэтин туһаан­наах үлэтин таһынан намчы санныгар волонтер уустук үлэтин сүгэн кэллэ.

“Госпитальга сытар уолаттардаахтар, оҕолорун, кэргэттэрин сүтэрбиттэр түүн ортото эйиэхэ эрийэллэр, көрдөһөллөр. Бастаан утаа төлөпүөҥҥэ ытыыр ийэни хайдах уоскутарбытын, илиитэ-атаҕа суох хаалбыт эдэркээн уолаттары хайдах олоххо эрэллэрин сүтэрбэттэрин туһугар тугу гынарбытын да билбэт этибит. Үһүс сылын холкутук утуйуу диэн тугун умуннубут. Маннык стреһи тулуйбакка, дьон үлэлии түһэн баран бараллар. Арай бу биһиги, Винокурова Мария Иннокентьевна, Чердонова Ирина Ивановна, Данилова Ирина Иннокентьевна, Иванова Наталья Семеновна, Кондакова Антонина Витальевна, Тарасова Таисия Егоровна, Архипова Кристина Егоровна, Яковлева Любовь Уюльевна, Илларионова Варвара Дмитриевна, Комина Альбина Михайловна, Михай­лова Анастасия Павловна, Бадмацыренова Анастасия Алек­сеевна, Ноева Евдокия Влади­мировна, Колесова Александра Львовна, Решетникова Галина Нико­лаевна, Гаврильева Татьяна Федоровна буоламмыт, сүрүннээн сылдьабыт. Сорох эдьиий­дэрбит саастаахтар, онон доруо­буйаларыгар оҕустаран, инфарктаан реанимация­ҕа киирбит түгэннэрэ да баар”, –  диэн хамсааһын салайааччыта кэпсиир.

Диодоровтар

Араас куораттарынан үлэлии сылдьар волонтердары түмэр, сүрүннүүр үлэни Светлана Диодорова кэргэнин Владиславы кытта саҕа­лаабыттар. Оччолорго кинилэр бэйэлэрин уоллара бааһыран Москва госпиталыгар сытара, онон волонтердар хайдах курдук уолаттарга наадалаахтарын өйдүүллэрэ.

“Светлана Влади­мировна биһиги туох баар кыһалҕабытын быһаарарга дьиҥнээхтик көмөлөһөн барбыта. Бэйэтэ да хантан көмөнү ыларын билбэтэр, туох кыалларынан сүбэлиирэ, наадалаах дьону, чунуобунньуктары, бааһырбыт уолаттар дьоннорун булаттыыра. Кэргэнинээн иккиэн 700-800 кг аһы тиэйэ сылдьан, Москва, Санкт-Петербург госпиталларын  кэрийэллэрэ, уолаттары кытта быһаччы кэпсэтэн көмөнү оҥороллоро. Ол быыһыгар быыс булан биһигинниин хайаан да кэпсэтэрэ, санаатын үллэстэрэ, махтанара, биһиги ыарахан түбүккэ сылдьарбытын өйдүүрэ. Маннык дьонноохпут наһаа үчүгэй, харыстыахха наада. Владислав икки ый анараа өттүгэр инфарктаан реанимацияҕа киирэн тахсыбыта, тахсаат да 800 кг дьон ыыппыт аһын бэйэм тиксэриэм диэн аҕалбыта. Светлана эмиэ реанимацияҕа киирэн тахсыбыта”, –  диэн уйадыйа кэпсиир Варвара.

Санкт-Петербург госпиталларыгар

Варвара Дмитриевна Санкт-Петербург боростуой үлэһит дьонун олус хайгыыр. Бииргэ үлэлиир дьонун кытта эр дьон таҥаһын тигэр сыахха сылдьан, бааһырбыт дьоҥҥо липучкалаах ис таҥаһы тигэр ордук эбит диэн санааҕа кэлбиттэр. Кэллиэгэлэрэ хайалара да туора турбакка, ким сэбиэс­кэй кэмнээҕи таҥаһы, ким минньигэс аһы, ким инчэҕэй салпыакканы, ким ас кутуллар иһитин, ким аһы астаан аҕалбыт. Ленинград блокадатын туораабыт дьон удьуордара бу түгэҥҥэ Варвараҕа олох атын өттүлэриттэн арыллыбыттара. “Липучкалаах ис таҥас бааһыр­быт уолаттарга олус наада­лаах эбит, онтон ыла куруук бэйэбин кытта илдьэ сылдьан уолаттарга түҥэтэр буолбутум”, –  диир Варвара Дмитриевна. – Кими эрэ атын сиргэ илдьэллэр, кими эрэ аҕалаллар. Биирдэ тоноҕоһун уҥуоҕун үлтүрүйбүт ыарахан турук­таах ба­­йыаска сылдьан баран, медсиэс­тэрэттэн реанимацияҕа азиаттар бааллар дуо диэн ыйыппытым. Биһигини балыыһа үлэһиттэрэ ха­­йыы-үйэ көрөн билэр буолбуттара. Онон медсиэстэрэ биир ыарахан туруктаах уол реанимацияҕа кэлэн сытарын, дьону кытта кэпсэппэтин эппитэ. Реаниацияҕа киирэн уолга чугаһаан кэлэн: “Дорообо, сахаҕын дуо?” – диэн ыйыппытым. Уолум үөрэ түспүтэ, хаҥас илиитин уунан дорооболоспута. Ити 2023 сыл бэс ыйын 28 күнэ этэ. Аармыйаҕа ыҥырыллан баран, 8 ыйга хантараак баттаспыт, тааҥка хамандыыра эбит. Төбөтүгэр ыараханнык бааһыран, араас госпиталлар реанимацияларынан эмтэммит. Хата эдьиийин буламмыт, кини манна кэлэн балтараа сыл быраатын көрбүтэ”.

Өйөһүү, көмөлөсүһүү көмөтүнэн

Бу сыллары быһа волонтердарга улахан көмөнү Санкт-Петербурга баар өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэ­листибэтэ оҥорор. Бастайааннай бэрэстэбиитэл солбуйааччытыгар тиийэ үүммүт Евгений Петров кыаллыа да суох дьыалалары, кыһалҕалары хайа баҕарар таһымҥа быһаарсан кэллэ. Былаас уорганнарыгар суруктары суру­йууга, ыйытыылары ыытыыга тиийэ туох баар юридическай боппуруостары бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ бэрт суһаллык быһааран иһэллэр. “Кинилэр көстүбэт фронт дьонун кэриэтэлэр. Онто суох биһиги волонтерскай хамсааһыммыт да баар буолара биллибэт этэ. Тугу да уһуннук быһаартарбакка, көрдөһүннэрбэккэ, олус түргэнник наадабытын толорон, оҥоро охсон биэрэллэр, сибээскэ куруук бааллар”, –  диэн волонтердар кинилэргэ махталлара улахан.

Саха сириттэн психологтар кэлэллэрин туруорсууну  Светлана Владимировна саҕалаабыт. “Билигин уолаттары эйэлээх олоххо төнүннэрэр сыал-сорук турар. Психологтар хайыы-үйэ иккитэ кэлэ сырыттылар. Бастаан утаа уолаттар аанньа кэпсэтиэхтэрэ, арыллыахтара суоҕа, тылбар киллэрэ сатыырым буолуо диэн дьиксинэ санаабытым. Хата психолог кыргыттар хас биирдиилэрин кытта уопсай тылы булбуттара, уолаттар да бэркэ аһыллан, сэҥээрэн кэпсэппиттэрэ. Бу сотору эмиэ кэ­­лиэхтээхтэр.  СӨ доруобу­йаҕа харыстабылын миниис­тирин солбуйааччы Любовь Бурнашева кэлэн, туохха ордук наадыйарбытын көрбүтэ. Сотору кэминэн памперстары, аһыыр кыаҕа суох уолаттарга олус наадалаах энтеральнай аһылыгы ыыппыта. Балары “Мы Вместе” пуонда патронажнай сулуус­патын кытта үллэс­тибиппит. Кинилэр бааһырбыт уолаттары сууйаллар, тарыыллар, биһиэхэ киһибит аҕыйах буолан, кинилэртэн элбэхтик көмө көрдөһөөччүбүн”.

Варвара Дмитриевна хамсааһын дьоҕус буҕалтыарыйатын үлэлэтэр. Бастаан Светлана Владимировна булаттаабыт биир дойдулаахтарын көмө харчылара киирбитэ, ону туһанар этилэр. Судургутук ааҕан көрүүгэ биир бааһырбыт уолга сылдьыы ороскуота 750 солк. тэҥнэһэрэ (миин, соркуой, бурдук ас, сок, фрукта, оҕу­руот аһа, олору угар иһиттэр). Ону таһынан, байыаннай дьа­йыы буола турар сириттэн үксүн таҥаһа, докумуона суох кэлэллэр. Ону барытын ааҕан-­суоттаан баран, «Донбасска көмө уонна өйөбүл хотугулуу-­илиҥҥи пуондатын» дириэк­тэрэ Георгий Куркутов кэлэ сырыттаҕына туттаран, волонтердар айаннарын төлөбүрүгэр уонна бааһырбыттарга барар орос­куокка ый ахсын көмө оҥороллоругар көрдөспүттэр. Былырыын балаҕан ыйыттан пуонда волонтердар айаннарын  төлөбүрүн көрөр буол­бут, аны 2025 сыл тохсунньутуттан бааһырбыт уолаттарга барар ороскуоту сабар төлөбүр киириэхтээх диэн волонтер-­эдьиийдэр олуһун үөрэллэр, биир дойдулаахтарыгар махтаналлар. Маннык бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, өйөһүү баар  буолара олус наадалаах.

+1
74
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -43°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: