«Доруобай ас — доруобай дьиэ кэргэн» гастрономическай бэстибээлгэ 23 ыал кытынна

Share

Олунньу ый 28 күнүгэр Дьокуускайдааҕы 24 №-дээх «Сардаана» уһуйааҥҥа Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан «Доруобай ас — доруобай дьиэ кэргэн» диэн гастрономическай бэстибээл олус сэргэхтик ааста.

Доруобуйаҕа туһалаах астар түһүлгэлэригэр 18 бөлөхтөн 23 көхтөөх дьиэ кэргэн араас минньигэс, иҥэмтиэлээх ас эгэлгэтин астаан, остуол хотойорунан тэлгэтэн, дьон дьүүлүгэр таһаарда.

Кыттааччылар мааны, дьэрэкээн иһиттэргэ киэргэппит бүлүүдэлэрин хайдах астыыр туһунан ыйынньыктарын тарҕатан, оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөргө аһы-үөлү сөптөөхтүк тэрийэргэ анаан туһалаах сүбэлэри биэрэн, бэйэ-бэйэлэригэр сатабылларын үллэһиннилэр. Маны таһынан, анал идэлээх дьон — нутрициолог Ирина Гаврильева, диетолог-терапевт Екатерина Яковлева эспиэрт быһыытынан төрөппүттэргэ сыанабыл биэрэллэрин ыалдьыттар, кыттааччылар астына иһиттилэр.
Уһуйаан уопуттаах асчыттара Виктория Ушницкая, Туйаара Роева оҕолорго аналлаах, киһи көрөн сөҕөр, битэмииннээх фрукталартан дьиктитик киэргэтэн оҥоруу албастарыгар төрөппүттэргэ маастар-кылаас ыытан сөхтөрдүлэр.
Хас биирдии кыттааччы гастрономическай бэстибээлгэ оҕону кыра сааһыттан доруобай ас култууратыгар сөпкө иитии, өйдөтүү үлэтэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтааҕын өссө бигэргэттэ.

Сонун тэрээһин түмүгүнэн, бастыҥнарга анал ааттар иҥэрилиннилэр:

“Доруобай бырааһынньык»:
— Павлов Сандал Ильич, бүлүүдэтэ “Еда без вреда” (“Подснежник” бөлөх).
— Стручкова Нина Семеновна, бүлүүдэтэ “Торт с голубикой” («Куобахчаан» бөлөх).

“Туһалаах десерт минньигэс ас ”:
— Хомподоева Мария Валентиновна, бүлүүдэтэ «Шоколадные кексы с бананом» (“Чуораанчык” бөлөх).
Баратова Марфа Тимофеевна бүлүүдэтэ «Чизкейк-коктейль»(“Кулунчук” бөлөх).

“Бастыҥ кэпсээһин”:
— Ермолаева Надежда Михайловна, бүлүүдэтэ “Таба уҥуоҕуттан миин” (“Чуораанчык” бөлөх).
— Пестрякова Зоя Степановна, бүлүүдэтэ «Миитэ бурдугуттан сахалыы лэппиэскэ» (“Ээчэ Бээчэ” бөлөх).

“Саамай ураты ас”:
— Гоголева Зарина Егоровна, бүлүүдэтэ “Теплый салат со стейком из жеребятины с шампиньонами и кедровым орехом”(“Золотая рыбка” бөлөх).
Конторусова Анастасия Михайловна, бүлүүдэтэ “Банановый кекс” (“Звездочка” бөлөх).

Туһалаах иҥэмтиэлээх аһы сөпкө астанан аһыыр дьиэ кэргэн бары өттүнэн доруобай уонна дьоллоох олохтонор.

Айыына БУГАЕВА

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэ түмэлигэр сырыттылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэҕэ тиийбиттэр. Бастатан туран кинилэр Өлүөхүмэтээҕи кыраайы…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл ханнык сыллаах төрүөхтэр биэнсийэҕэ тахсалларый?

Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп. Ол…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?

Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

2 часа ago