Доруобай быстах аһылыгы астааһыҥҥа үөрэнээччилэр уонна учууталлар куонкурустара буолла
“Чэгиэн буол, учууталым” бэстибээл иитинэн оскуола үөрэнээччилэрин уонна педагогтарын ортолоругар ыытыллыбыт “Мин туһалаах быстах аһылыгым” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн бастакы куонкурус буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 1-11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, педагогтара кыттыбыттар. Миэстэтигэр туһалаах быстах аһылык бэлэмнээн, буһаран, электроннай көрүҥүнэн ааптарыскай үлэлэрин ыыппыттар.
Куонкуруска Алдан, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Нам, Ньурба, Орто Халыма, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат уокуруктарыттан 217 киһи кыттыбыт. Итинтэн 26 педагог, 189 үөрэнээччи. Ордук элбэх сайаапка Мииринэй (44 кыттааччы) уонна Алдан (40 кыттааччы) улуустарыттан киирбит.
Түмүгү таһаарыыга аһылык көстүүтүн, доруобуйаҕа туһатын, айымньылаах толкуйу, судургутук уонна чэпчэкитик астанарын учуоттаабыттар.
1-4 кылаас үөрэнээччилэригэр кыайыылааҕынан, араас эриэхэлэрдээх, хатарыллыбыт фрукталаах, мүөттээх “Неженка” дьиэтээҕи бэчиэнньэни астаан көрдөрбүт Алдан улууһун Аллараа Кураанах бөһүөлэгин VIII көрүҥнээх уопсай үөрэхтээһин анал интэринээт-оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Филиппов бастаабыт.
5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр “Сугун барыанньалаах уонна Анаабыр чыырдаах лабыкталаах баахыланы” астаабыт, эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин 6-с кылааһын иитиллэччитэ Владислав Дьяконов кыайбыт.
9-11-с кылаастарга “Сүөгэйдээх, кабачоктаах венскэй баахыланы” буһарбыт Нерюнгри 15-с нүөмэрдээх оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Павел Серцов бастаабыт.
Педагогтар ортолоругар Н.Н. Чусовской аатынан Ньурба оскуолатын технологияҕа учуутала Галина Васильева кыайыылааҕынан тахсыбыт. Кини иэдьэгэйтэн уонна тыыкыбаттан эриэхэлээх, курагалаах, мүөттээх запенка буһарбыт. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар. Куонкурус уонна кимнээх миэстэлэспиттэрин туһунан сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: