Салгыы
Доруобай омук — күүстээх судаарыстыба

Доруобай омук — күүстээх судаарыстыба

03.11.2024, 10:10
Онкология киинигэр 1,7 тыһыынчаттан тахса үрдүк хаачыстыбалаах эпэрээссийэни оҥордулар. СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр доруобуйа харыстабыла түргэн тэтиминэн сайдар. Өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа балыыһалар, быраас амбулаториялара, биэлсэр-акушер пууннара тутулуннулар уонна мэдиссиинэ аныгы оборудованиетынан, тиэхиньикэнэн хааччыллыы күүһүрдэ. Сыл ахсын мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатын тупсарарга саҥа технологиялар киирэллэр. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ ыалдьыбыт дьон бастыҥ исписэлиистэртэн консультация ылалларыгар теле-мэдиссиинэ улахан суолталанан эрэр.

Үрдүк технология

Саха сирэ ураты килиимэттээх уонна усулуобуйалаах эрэгийиэн эрээри доруобуйа харыстабылын тиһигин тэтимнээхтик сайыннарар, үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн киллэрэ турар. Мэдиссиинэ өҥөтүн оҥоруу бу хайысхата ураты килиимэттээх сиргэ доруобуйа уратытын уонна өрөспүүбүлүкэҕэ араас ыарыы тарҕаныытын учуоттаан, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга ордук улахан суолта ууруллар.

Кэлиҥҥи сыллар биир бэлиэ ситиһиилэринэн аныгы оборудованиенан хааччыллыыбыт уонна аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа мэдиссиинэ кииннэрэ аһыллыылара буолар. Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ атын улахан куораттарыгар быраастар билигин араас аныгы ньымалары туһанан уустук эпэрээссийэлэри оҥорор кыахтаннылар, ол ыарыһах кылгас кэмҥэ үтүөрэрин уонна эмтээһин уопсай көдьүүһүн үрдэтэр.

Маны таһынан, теле-мэдиссиинэ хайысхатыгар үчүгэй түмүктэр ылылыннылар. Быраастар аны ыарыһахтары ыраахтан консультациялыыр кыахтаннылар, бу ордук ыраах сытар сирдэр олохтоохторугар улахан көдьүүстээх. Бу ньыма ыарыылары кэмигэр быһаарарга көмөлөһөр. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ каадырдарын идэлэрин үрдэтэргэ атын эрэгийиэннэртэн, дойдулартан сүрүннүүр исписэлиистэри кытыннаран, үөрэхтэр, сэминээрдэр өрүү тэриллэллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бу саҥа эмтээһин уонна диагностика ньымаларын кэҥэтиини, ону тэҥэ уопут атастаһалларыгар туһалаах.

Бэлиэтээн эттэххэ, мэдиссиинэ үрдүк технологияларын сайыннарар бырагыраама сүрүн чааһын судаарыстыба үбүлүүр. Өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай былаас уорганнара мэдиссиинэ тэрилтэлэрин саҥардыыга, оборудованиены атыылаһыыга уонна инфраструктураны тупсарыыга улахан үбү-харчыны көрөллөр.

Кардиология киинэ

Саха дьоно өр кэтэспит баҕа санаалара туолан, 2022 сыл муус устар 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка Сүрэх-тымыр киинэ — Кардиология киинэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу киин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллубута.

Киин 2024 сыл саҕаланыаҕыттан 1,2 тыһыынчаттан тахса үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни оҥордо. Соторутааҕыта киин дириэктэрэ Күндүл Иванов иһитиннэрбитинэн, икки камералаах кардиостимулятордары туруорарга сылга 250‑ча эпэрээссийэни оҥорбуттар. Урут маннык эпэрээссийэ киһини утутан баран оҥоһуллар буоллаҕына, аны киһи илэ өйүнэн сыттаҕына оҥоһуллар буолла.

Уопсайа 5,2 тыһыынча кэриҥэ ыарыһах көмөнү ылбыт, сыл бүтүөр диэри бу көрдөрүү 6,5 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ диэн сабаҕаланар.

Онкология киинэ

Саха сиринээҕи онкология киинэ 2024 сыл саҥатыттан аһыллан, бу кылгас кэм иһигэр 6 тыһыынча кэриҥэ ыарыһаҕы балыыһаҕа сытыаран эмтээтэ, быраастар аныгы тэриллэри туһанан 1,7 тыһыынчаттан тахса үрдүк хаачыстыбалаах эпэрээссийэни оҥордулар.

Онкология киинэ билигин толору кыаҕынан үлэлии турар. Төһө даҕаны сааҥсыйалартан сылтаан оборудованиелар кэлиилэрэ, таҥыллыылара тардылыннар, билигин эпэрээссийэлиир кэбиниэттэр бары үлэлии туралларын, ол иһигэр рентген-эпэрээссийэлиир кэбиниэттэрэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни оҥорор кыаҕы биэрбиттэрин туһунан соторутааҕыта иһитиннэрэн тураллар. Кииҥҥэ туруоруллубут ураты оборудование ыарыыны быһаарарга эрэ буолбакка, эмтэри чопчу ыалдьыбыт сиргэр туттарга көмөлөһөр. Чуолаан, ангиограф көмөтүнэн 77 эпэрээссийэ оҥоһуллубутун бэлиэтиэххэ сөп, бу бэртээхэй көрдөрүү буолар. Урукку өттүгэр ыарыһахтары өрөспүүбүлүкэ атын эрэгийиэннэригэр, сорохторун тас дойдуларга да ыыталлара, оттон билигин оннук уустук эпэрээссийэлэри бэйэбитигэр оҥоробут.

Сотору Онкология киинигэр Арассыыйаҕа алтыс уонна Уһук Илиҥҥэ соҕотох 3 Тесла кыамталаах магнитнай-резонанснай томографияны үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Диспансер исписэлиистэрэ ону үлэлэтэргэ бэлэмнээхтэрин бэлиэтээн тураллар.

Дьэ ити курдук Онкология киинэ симиэнэҕэ 210 киһини көрөр уонна 180 ыарыһаҕы балыыһаҕа сытыаран эрэ эмтиир Уһук Илин биир саамай бөдөҥ киининэн буолла. Искэннээх ыарыыны утары охсуһуу доруобуйа харыстабылын салаатыгар бырабыыталыстыба бэлиитикэтин сүрүн хайысхатынан буолар. РФ Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыактара 2019 сылтан көхтөөхтүк олоххо киирэллэр уонна нэһилиэнньэҕэ баар мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланаллар.

СЫЫППАРАЛАР
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа-Суһал Мэдиссиинэ көмөтүн киинин исписэлиистэриттэн тэриллибит бөлөх 10 ый устата улуустарга:
1850
ыарыһаҕы көрбүт,
585
эндоскопическай уонна УЗИ бэрэбиэркэлэрин ыыппыт.
28
үрдүк технологиялаах рентген эндоваскулярнай процедуратын,
497
хирургическай эпэрээссийэни оҥорбут.

Хирургия киинэ

2024 сыл саҥатыттан Хирургия киинин быраастара Саха сирин улуустарыгар тиийэн үрдүк хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүн нэһилиэнньэҕэ оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2‑с №-дээх балыыһа — Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин исписэлиистэриттэн тэриллибит бөлөх 10 ый устата өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар 19‑та сырытта.

Быраастар Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Дьааҥы, Ньурба, Мииринэй, Горнай, Сунтаар, Чурапчы, Нам, Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар сырыттылар. Киин үлэтин уопсай түмүгэ сөхтөрөр: бу кэм иһигэр 1850 ыарыһаҕы көрбүттэр, 585 эндоскопическай уонна УЗИ бэрэбиэркэлэрин ыыппыттар, 28 үрдүк технологиялаах рентген эндоваскулярнай процедуратын уонна 497 хирургическай эпэрээссийэни оҥорбуттар.

Мобильнай Хирургия киинин бырайыагын ыраах сытар улуустар олохтоохторун үрдүк хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүнэн хааччыйар сыаллаах-соруктаах Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ саҕалаабыта. Бу тэрээһин мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйар киин сиргэ барар-кэлэр кыаҕа суох өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторугар улахан көдьүүстээх буолла.

Саха сиригэр — ЭКО

М. Е. Николаев аатынан Национальнай мэдиссиинэ киинигэр экстракорпоральнай (ЭКО) ньыманан оҕону үөскэтии элбиир. 2024 сыл тоҕус ыйыгар 253 ЭКО оҥоһуллубут, бу бырыһыаҥҥа таһаардахха, 30,4% буолар. Урукку сылларга холоотоххо, биллэ тупсубут, холобур, 2013 сыллаахха 60 эрэ процедура оҥоһуллубут, онон көдьүүһэ 17% эрэ эбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, урукку кэмнэргэ ЭКО ньыматынан оҕолоноору дойду киин куораттарыгар барар буоллахтарына, билигин Саха сирэ 2001 сылтан ЭКО-ны саҕалаабыт Уһук Илин биир бастыҥ Перинатальнай киининэн буолар. Сыл аайы процедуралар ахсааннара эрэ буолбакка, көдьүүһэ эмиэ үрдээн иһэр. Ол курдук 2023 сылга 32% көдьүүстээх 280 ЭКО оҥоһуллубут.

Аны туран Дьокуускайга ЭКО-ны кэтэһии түөрт-алта ый эрэ буолбут. Төрөппүттэр процедураҕа барыахтарын иннинэ, оҕоломмот буолуу төрүөттэрин быһаарарга толору бэрэбиэркэни ааһаллар, ол үс ыйга диэри тардыллыан сөп эбит. Көмөлөһөр репродуктивнай технология салаатын салайааччыта Айталина Семенова соторутааҕыта бэлиэтээн ааспытынан, 30% эрэ түбэлтэҕэ тута ЭКО-ҕа көһүү сүбэлэнэр.

Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан оҕолонуон баҕалаах элбэх киһи кэлэрин үрдүнэн, бэлэмнэнии уонна ЭКО процедурата «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн босхо ыытыллар эбит. Онон оҕолонуон баҕалаах ыалга ЭКО процедурата көдьүүстээх буолбут.

Хаартыска: СИА түһэриитэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: