2024 сылга Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын 11 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа.
Саха сиригэр федеральнай бүддьүөт суотугар, быйыл доруобуйа харыстабылын 11 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Үлэлэр РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» мэдиссиинэ бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырагырааматын иитинэн ыытыллаллар.
Ол курдук, хапытаалынай өрөмүөннэр Алдан оройуонун киин балыыһатын кылаабынай куорпуһугар, Аллайыахаҕа, Дьааҥы оройуонун Перинатальнай киинигэр, Кэбээйи оройуоннааҕы балыыһатын Кэбээйи амбулаториятыгар, Мииринэйгэ дьахталлар консультацияланар уонна оҕолонор отделениеларыгар, Өлүөхүмэҕэ дьахталлар оҕолонор отделениеларыгар, Хаҥаласка улуустааҕы киин балыыһаҕа, уо.д.а. ыытыллыахтара.
Национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ хаһыс да сылын улуустарга улахан балыыһалары, биэлсэр-акушер пууннарын, амбулаториялары тутуу үлэлэрэ далааһыннаахтык ыытыллалларын миниистир бэлиэтиир. «Саха сиригэр кэнники биэс сылга биэлсэр-акушер пууннара уонна амбулаториялар, барыта 80 эбийиэк үлэҕэ киирдэ. Маны сэргэ, улуустар балыыһаларыгар үрдүк кылаастаах тэриллэр туруорулуннулар, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин автопааркалара саҥардылынна«, — диир миниистир.
Өрөспүүбүлүкэҕэ саҥардан оҥоруу үлэтинэн, ааспыт сылга мэдиссиинэ 14 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Бу Мииринэйгэ оройуоннааҕы киин балыыһа стационара уонна поликлиниката, Ленскэйгэ оройуоннааҕы киин балыыһа стоматологията, Хаҥалас улууһунааҕы киин балыыһа Мохсоҕоллооххо уонна Өктөмҥө баар отделениелара, Өлөөҥҥө оройуоннааҕы киин балыыһа поликлиниката уонна терапевт отделениета, Алдаҥҥа киин балыыһа гинекологияҕа отделениета, Орто Халымаҕа оройуоннааҕы киин балыыһа комплекса, Булуҥҥа улуустааҕы киин балыыһа поликлиниката, Үөһээ Халымаҕа киин балыыһа стационара, Эбээн Бытантайга эмтиир куорпус, Удачнайга поликлиника.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3397640 көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…