Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туттуллар тиэрминнэр кэрискэлэрин тылбаастаабыттар
18.01.2024, 09:00
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйата ырытыһыы кэнниттэн маннык тыллар тылбаастарын бигэргэппит.
Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туттуллар тиэрминнэр кэрискэлэрэ:
- Здоровье – доруобуйа,
- Охрана здоровья граждан — дьон доруобуйатын харыстабыла,
- Медицинская помощь — мэдиссиинэ көмөтө,
- Медицинская услуга — мэдиссиинэ өҥөтө,
- Медицинское вмешательство — мэдиссиинэ орооһуута,
- Профилактика — ыарыыны сэрэтии,
- Диагностика — ыарыыны быһаарыы,
- Лечение – эмтээhин,
- Пациент – эмтэнээччи/көрдөрүнээччи,
- Медицинская деятельность — мэдиссиинэ үлэтэ,
- Медицинская организация — мэдиссиинэ тэрилтэтэ,
- Фармацевтическая организация — эмп тэрилтэтэ,
- Медицинский работник — мэдиссиинэ үлэhитэ,
- Фармацевтический работник — эмп үлэhитэ,
- Лечащий врач — эмтиир быраас,
- Заболевание – ыарыы,
- Состояние – турук,
- Основное заболевание — сүрүн ыарыы,
- Сопутствующее заболевание — мэҥэһик ыарыы,
- Тяжесть заболевания или состояния — ыарыы эбэтэр ыарыһах туругун ыарахана,
- Качество медицинской помощи — эмтээһин көмөтүн хаачыстыбата,
- Телемедицинские технологии — тэйиччиттэн эмтээһин технологиялара,
- Клинические рекомендации — эмтииргэ сүбэлэр,
- Законодательство в сфере охраны здоровья -доруобуйа харыстабылын сокуоннара,
- Нормы об охране здоровья — доруобуйа харыстабылын нуормалара,
- Приоритет интересов пациента — эмтэнээччи туһун бастатыы,
- Приоритет охраны здоровья детей — оҕо доруобуйатын харыстабылын бастатыы,
- Доступность и качество медицинской помощи — эмтээһин тиийимтиэтэ уонна хаачыстыбата,
- Недопустимость отказа в оказании медицинской помощи — эмтээһин көмөтүн булгуччулааҕа,
- Приоритет профилактики в сфере охраны здоровья — доруобуйа харыстабылыгар ыарыыны сэрэтиини бастатыы,
- Соблюдение врачебной тайны — эмчит үлэтин кистэлэҥин тутуhуу,
- Право на охрану здоровья — доруобуйаны харыстанарга быраап,
- Право на медицинскую помощь — мэдиссиинэ көмөтүгэр быраап,
- Информированное добровольное согласие на медицинское вмешательство и на отказ от медицинского вмешательства — сэрэтии кэннэ мэдиссиинэ орооһуутугар баҕа өттүнэн сөбүлэһии эбэтэр батыныы,
- Выбор врача и медицинской организации — бырааhы уонна эмтиир тэрилтэни талыы,
- Информация о состоянии здоровья — доруобуйа туругун туhунан иhитиннэрии,
- Информация о факторах, влияющих на здоровье — доруобуйаҕа сабыдыаллыыр төрүөттэри иhитиннэрии,
- Обязанности граждан в сфере охраны здоровья — доруобуйа харыстабылыгар дьон эбээhинэһэ,
- Организация охраны здоровья — доруобуйа харыстабылын тэрийии,
- Профилактика заболеваний и формирование здорового образа жизни — ыарыыны сэрэтии уонна чөл олоҕу тэрийии,
- Первая помощь — бастакы көмө,
- Первичная медико-санитарная помощь — эмтээһин бастакы сүһүөх көмөтө,
- Специализированная, в том числе высокотехнологичная, медицинская помощь — идэтийбит, ол иһигэр үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө,
- Скорая, в том числе скорая специализированная, медицинская помощь — суһал, ол иһигэр идэтийбит суһал мэдиссиинэ көмөтө,
- Паллиативная медицинская помощь — туругу чэпчэтэр мэдиссиинэ көмөтө,
- Организация оказания медицинской помощи — мэдиссиинэ көмөтүн тэрийии,
- Медицинские изделия — мэдиссиинэ оҥоһуктара,
- Лечебное питание — эмтээх ас,
- Медицинская реабилитация и санаторно-курортное лечение — туругу чөлүгэр түһэрии уонна сынньатан эмтээhин,
- Запрет эвтаназии — эвтаназияны бобуу,
- Медицинские осмотры — доруобуйа туругун көрүү,
- Диспансеризация — доруобуйа туругун кэтээн көрүү,
- Донорство органов и тканей человека и их трансплантация (пересадка) — киhи уорганнарын уонна эттиктэрин дуонардааһын уонна көһөрүү,
- Медицинские отходы — мэдиссиинэ тобохторо,
- Народная медицина — норуот эмтиир ньымата,
- Вспомогательные репродуктивные технологии — оҕо үөскүүрүгэр көмө технологиялар,
- Искусственное прерывание беременности — оҕо түһэттэрии,
- Медицинская стерилизация — оҕоломмот оҥоруу,
- Медицинская экспертиза — мэдиссиинэ сыныктааһына,
- Медико-социальная экспертиза — доруобуйа хааччахтааҕын сыныктааһын,
- Военно-врачебная экспертиза — быраас байыаннайга сыныктааһына,
- Медицинское освидетельствование — мэдиссиинэ туоһулааһына,
- Клятва врача — быраас андаҕара,
- Оплата медицинских услуг — мэдиссиинэ өҥөтүн төлөбүрэ.
+1
7
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: