Өрөспүүбүлүкэ «Азия оҕолоро» успуорт аан дойдутааҕы VIII сайыҥҥы оонньууларыгар 3,5 тыһыынча кэриҥэ кыттааччы уонна ыалдьыт кэлэрин күүтэр.
Онуоха оонньуулар кэмнэригэр 150-тан тахса быраас уонна мэдиссиинэ сиэстэрэтэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго кыттара былааннанар. Ону таһынан мэдиссиинэ пууннарыгар 72 волонтер-эмчит үлэлэһиэҕэ.
Министиэристибэ исписэлиистэрэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу бэрээдэгин, мэдиссиинэ пууннарын сэбилээһин стандартарын, кыттааччылар олорор сирдэригэр мэдиссиинэ пууннарын тэрийиини быһаардылар.
Бэлэмнэнии үлэтин кэмигэр наада буолар эмтээх препараттар, мэдиссиинэ тэриллэрин уонна куойка ахсаанын суоттаатылар.
«Аан дойдутааҕы оонньуулар кыттыылаахтарыгар мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу үлэлэрин сыл саҕаланыаҕыттан хайыы үйэ саҕалаабыппыт. Маассабай тэрээһиннэргэ мэдиссиинэ сулууспалара бары кыттыахтара. Мэдиссиинэ суһал көмөтүн уонна суһал сулууспалары таһынан, бастакы сүһүөх звено уонна стационар подразделениелара кыттыахтара», – диэн доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева иһитиннэрдэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…