Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр

Share

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үөс тымыр клапаныгар транскатетернай протезтааһын кубуоталарын (TAVI) туһунан социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт информацияҕа олоҕуран иһитиннэрэр.

Бу эпэрээссийэ кытаанах ирдэбилинэн сүрэх хирургиятын стационардарыгар үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэри толорор  судаарыстыбаннай сакаас чэрчитинэн оҥоһуллар.

Сыл аайы Дьокуускайга 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа – НЦМ Сүрэх-тымыр киинигэр бу эпэрээссийэҕэ наадыйар ыарыһахтары булан, төһө эпэрээссийэ буоларын былаанныыллар. Сүрэх-тымыр киинигэр быйыл бэриллибит (TAVI) кубуоталара барыта толорулуннулар.

Туох баар көрдөрүүлэргин тута сылдьан, федеральнай медицинскэй тэрилтэлэртэн үрдүк технологиялаах көмөҕө направлениены ылар туһугар, сыһыарыллыбыт поликлиникаҕар эрийэн, көрдөрүүлэри быһаарарга уонна эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнэргэ 1-кы №-дээх балыыһа Сүрэх-тымыр киинин кардиологическай диспансерыгар направление көрдүүгүн. Өрөспүүбүлүкэҕэ итинник эпэрээссийэҕэ наадыйар ыарыһахтар ыарахан сүрэх ыарыылаах буолаллар уонна кардиолог быраастар кытаанах учуоттарыгар тураллар. Көрдөрүүлэр хайдахтарынан эпэрээссийэ буоларын-буолбатын кардиохирург-быраас эрэ быһаарар.

Ытыктабыллаар олохтоохтор, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ олоҕо суох информацияны итэҕэйбэккитигэр уонна эмтиир бырааскыттан доруобуйаҕыт туһунан ыйыталаһаргытыгар көрдөһөр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн — Кытай Харбинын хаар уонна муус бэстибээлин дьүүллүүр сүбэтигэр

Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта өрүү бииргэ

Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл аккырыыккалара

Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл билгэлэрэ

Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Егор Неймохов. «Олох үйэлээх хапсыһыы»

Бэйэлэрин норуоттарыгар үгүс дьоһуннаах айымньылары хаалларбыт суруйааччылар ааҕааччы  өйүттэн-санаатыттан сүппэттэр, кинилэр үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдиллэн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа дьыл өрөбүллэригэр Дьокуускайга мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэлэрин эрэсиимин туһунан

СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бырааһынньыктааҕы уонна өрөбүл күннэргэ -- ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу…

5 часов ago