Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

24.04.2024, 11:58
Хаартыска: СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Москваҕа “Арассыыйа” быыстапкаҕа РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин киэҥ ыҥырыылаах кэллиэгийэтэ  буолла.  Кэллиэгийэҕэ 2023 сыл түмүктэрин уонна кэлэр сылга соруктары дьүүллэстилэр. Ону таһынан дьоһун суолталаах боппуруоска – олоҕу уһатарга уонна уһун үйэлэниигэ болҕомтолорун уурдулар.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин эҕэрдэтигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар ыарыыны эрдэттэн сэрэтии суолтатын уонна мэдиссиинэ салгыы сайдыытыгар, үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар сүрүн соруктары бэлиэтээтэ.

Кэллиэгийэ кыттыылаахтарын РФ бырабыыталыстыбытын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин уонна кини солбуйааччыта Татьяна Голикова эҕэрдэлээтилэр.

“Билигин мэдиссиинэ көмөтүн босхо оҥоруу бырагыраамата хас биирдии эрэгийиэҥҥэ доруобуйа харыстабылын өҥөтө хаачыстыбалаах уонна табыгастаах буоларыгар көмөлөһөр. Кэнники сылларга саҥа балыыһалары, биэлсэр-акушер пууннарын уонна быраас амбулаторияларын тутуу тэтимнээхтик ыытыллар, эмтиир тэрилтэлэр  матырыйаалынай базалара саҥардыллаллар  уонна саҥа тэриллэринэн сэбилэнэллэр. Ону сэргэ, сүрэх-тымыр уонна искэн ыарыыларын, саахарынай диабеты, сыстыганнаах ыарыылары, ол иһигэр С гепатиты, утары охсуһууга сэрэтэр тэрээһиннэр  уонна биир кэлим бырагыраамалар олоххо салгыы киллэриллэллэр”, — диэтэ СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.  

“РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко  дакылаатыттан  биһиги эрэгийиэннээҕи доруобуйабыт харыстабылынан киэн тутуннубут. Ол курдук, сыл түмүктэринэн оҥоһуллубут видеоматырыйаалларга сүрэх-тымыр ыарыылаахтары эмтииргэ үрдүк технологияны туһанар  Мэдиссиинэ национальнай киинин үлэһиттэрин билиһиннэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэҕэ үлэһиттэрин бэйэлэрин харыстаммат үлэлэрин түмүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ олох уһуна 73,7 сааска тиийдэ (Арассыыйа көрдөрүүтүттэн үрдүк — 73,5). Бу дойду устуоруйатыгар саамай үрдүк көрдөрүү”, — диэн СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүннүүр невролога Татьяна Николаева иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин сүрүннүүр кардиолога Елена Кылбанова бэлиэтээбитинэн, 2030 сылга Арассыыйаҕа олох уһуна 78 сааска тэҥнэһиэхтээх. Онуоха, ураты болҕомто доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун таһымыгар ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ, диспансеризацияҕа, диспансер кэтээн көрүүтүгэр ууруллуохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: