Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ мэдиссиинэ тэриллэринэн хааччыллаллар

Share

2024 сылга аныгы мэдиссиинэ тэриллэринэн хааччыллыы салҕанар.

«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэҕэ тэрилтэлэригэр 64  тэрил атыылаһыллар.

—Билигин 43  тэрили ыларга сэттэ хантараак түһэрсилиннэ. Олорго 10  стационарнай УЗИ, 13  көһө сылдьар рентген аппараата, уо.д.а. бааллар. Бары тэриллэр улуустарга туруоруллуохтара, — диэн иһитиннэрэллэр СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн.

Билигин көһө сылдьар УЗИ аппарааттара, эндоскоптар, уо.д.а. араас наадалаах тэриллэр көрүллэллэр.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев эрэгийиэҥҥэ доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин тэрилинэн хааччыйыыны сүрүн соругунан туруорар. Бу хаачыстыбалаах уонна тупсаҕай эйгэни тэрийии биир хайысхатынан буолар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago