Доруобуйаҕа эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэтэ саҕаланна
Ахсынньы 9-13 күннэригэр Саха сиригэр Доруобуйаҕа эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэтэ биллэрилиннэ. Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Киһи бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буоллаҕына — куһаҕан дьаллыктартан аккаастанар, сөптөөхтүк аһыыр уонна куруук хамсана, дьарыктана, этин-хаанын эрчийэ сылдьар. Сынньанарын уонна кэмигэр утуйарын умнубат. Сууккаҕа 7-8 чаас утуйар киһи сынньанар, чөлүгэр түһэр. Олоххо интэриэстээх, сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, санаата бөҕөх, чөл туруктаах буолар. Бу быраабылалары тутустаҕына, доруобуйатын көрүннэҕинэ, киһи чэгиэн, уһун үйэлээх буолар.
Маны тэҥэ, эппиэтинэстээх киһи доруобуйатын туругун кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэр. Саха сирин олохтоохторо босхо диспансеризацияны ааһар, быраастарга көрдөрүнэр кыахтаахтар. Доруобай да буоллахха, сылга биирдэ хайаан да көрдөрүнүөххэ, анаалыстары туттарыахха, УЗИ-га түһүөххэ наада.
Диспансеризацияҕа суруйтарарга поликлиникалар регистратураларын, «Госуслуги» портал нөҥүө, эбэтэр, доруобуйа харыстабылын колл-киинигэр — 122 нүөмэргэ эрийэн, суруйтарыахха сөп.
Доруобуйаҥ иннигэр эн бэйэҥ эрэ эппиэтинэһи сүгэҕин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: