Чэгиэнник-чэбдиктик сылдьарга
Тыа сирин киһитэ үөрэбин. Сахабыт Сиригэр мэдиссиинэ үлэтэ сөҕүмэрдик сайынна.
Маныаха дьон-сэргэ доруобуйатын туһугар кыһамньы улаатан, сыллата диспансеризация ыытыллар буолла. Аны, киин сиртэн быраастар улуустарынан, нэһилиэктэринэн сылдьан доруобуйа туругун көрөллөр. Кинилэр итинник көрөн ыарыы дириҥии, улаата илигинэ, кэмигэр сэрэтэр үлэни, сөптөөх эмтэниини ыыталлар.
Дьокуускайга МРТ түһүү, көрдөрүнүү барыта дьикти, ураты курдук. МРТ диэҥҥэ билбэт киһи долгуйара ханна барыай? Ыйытыы иилии кууһар, ону тэҥэ куттаныы. Куорат киин уулуссаларыттан биирдэстэригэр (Петровскай уулуссатыгар) диагностикаҕа киирээти элэккэйдик көрсөллөр. Барыта регистратураттан саҕаланар. Манна Алёна Ушницкая эйэҕэстик көрсөн, тыа сириттэн кирэн муна-тэҥэ сылдьар киһиэхэ сахалыы быһааран, көрдөрөөччү долгуйбута ааһар, холкутуйар. Салгыы эппит чаастарыгар МРТ түһэр хоско киирээккин кытта, эдэр быраас-рентгенолог Михаил Егоров холку саҥата, сүбэтэ киһини уоскутар. Онон болдьоммут чааскын билбэккэ аһарар эбиккин.
Ыччаппыт үөрэҕи өрө тутан, ылбыт идэлэрин баһылаан, дьонноругар-сэргэлэригэр доруобуйалара чэгиэн буоларыгар сүрэхтэрин сылааһын биэрэн туран үлэлии сылдьалларыгар барҕа махтал!
Валентина Яковлева,
Атамай, Горнай
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: