Доруобуйаҕар оҕо эрдэхтэн кыһалын

Доруобуйаҕар оҕо эрдэхтэн кыһалын

13.09.2024, 20:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Олоххо-дьаһахха көрдөххө, спортсменнар үксүлэрэ бигэ быһаарыныылаахтар,  сыалларын-соруктарын  ситиһэргэ,  куруук сайда-үүнэ сылдьарга   дьулуурдаахтар. Успуорт  киһи доруобуйатыгар уонна майгытыгар-сигилитигэр үчүгэйдик  дьайарын бары билэбит.

Успуорт доруобуйаҕа дьайыыта

Успуордунан тиһигин быспакка дьарыктаннахха быһыы-таһаа тупсар. Ити киһи уорганнара бары сөпкө үлэлииллэригэр, биир турукка сылдьалларыгар  көмөлөһөр.

Уҥуохтар уонна силгэлэр бөҕө буолаллар, оччотугар охтуу уонна күүстээх дэҥнэнии кэмигэр  эчэйии куттала намыһах буолар.

Сүрэх арыый тулуйумтуо буолар, ол аата кырдьар сааска  инсульт уонна инфаркт куттала кыра.

Эти-сиини дьарыктыыр эрчиллиилэр хаан эргиирин тупсараллар.

Успуордунан дьарыктанар уонна чөл олоҕу тутуһар киһи мэлдьи кыраһыабай, көнө уҥуохтаах,  бэйэтигэр сөрү-сөп быһыылаах-таһаалаах сылдьар.

Эти-сиини эрчийэн ноҕуруускалааһын киһини стресстэн босхолуур, санааҕын көтөҕөр уонна үлэлиир, айар-тутар кыаххын үрдэтэр.

Баҕар, ол иһин эдэр саастарыттан успуордунан дьарыктаммыт дьон кырдьар да саастарыгар эдэрчи көрүҥнээхтэрэ буолуо. Кинилэр аҕыйахтык ыарытыйаллар  уонна мэлдьи мичээрдии сылдьаллар.

 

Доруобуйа туһугар

Успуордунан дьарыктанарга:

Бастатан туран, бэйэҥ кыаххын сөпкө сыаналыахтааххын, аһара барыа суохтааххын.    Саҥа саҕалыыр спортсмен бэйэтин  ураты болҕомтолоохтук иһиллэниэхтээх. «Охтуохха диэри» дьарыктаныллыбат. Былчыҥнарым сөптөөҕүн үлэлээтилэр дии санаатыҥ да, бу кэмҥэ эрчиллэн бүтүөхтээххин. Элбэхтик дьарыктамматым эбэтэр тустаах түмүгү ситиспэтим диэн хомойор наадата суох. Ситиһии сыыйа-баайа кэлэр.

Бэйэҥ ноҕуруускаҕын сааскыттан көрөн  быһаар. Холобур, ыараханы көтөҕүүлээх ноҕурууска кыра уонна обургу оҕолорго, кырдьаҕастарга көҥүллэммэт. Орто саастаах эр дьон уонна дьахталлар кыһалҕалаах дии саныыр былчыҥнарыгар үлэлиэхтэрин сөп.

Тиһигин быспакка эрчиллэр буоллаххына эрэ, тугу эрэ ситиһэҕин. Өскөтүн успуорт саалатыгар сыл аҥаарыгар иккитэ-үстэ эрэ кэлэр буоллаххына, успуорт уонна чөл олох эйиэхэ хайдах да дьайбат.

Ол да буоллар, төһө да баҕарбыт иһин, успуорка таптыыр көрүҥҥүнэн дьарыктаныы кыаллыа суоҕун эмиэ сөп. Баҕар, дьарыктанар усулуобуйа суоҕа буолуо, тириэньэргэ төлүүргэ уонна сөптөөх таҥаһы-сабы атыылаһарга  үп-харчы тиийбэтэ буолуо, эбэтэр успуордунан дьарыктанарга хойутаатым дии саныырыҥ буолуо. Хайа да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Улаханнык ороскуотурбакка бэйэни көрүнэ сылдьарга сөптөөх успуорт көрүҥэ элбэх.

Физкультура уонна успуорт туһата

Бастатан туран, эт-сиин уонна мэйии ханнык баҕарар ноҕуруускатын тулуйарга көмөлөһөллөр. Холобур, эн сатыы сылдьарга үөрэммит буоллаххына, ханнык баҕарар кирилиэһи аҕылаабакка, сүрэҕиҥ тэбиитэ күүрбэккэ эрэ дабайыаҥ, сүүрэн да тахсыаҥ.

Иккиһинэн, физкультура уонна успуорт былчыҥы, хаан эргиирин систиэмэтин эрчийэллэр, күүһү-уоҕу биэрэллэр, организм тулуурдаах буолар. Ол аата ыарыыны утары охсуһар күүскэ, доруобуйа туругар  үчүгэйдик дьайаллар, мэлдьи кыраһыабай, өр сылларга чөл туруктаах сылдьаҕын.

Үсүһүнэн, физкультура уонна успуорт биһиги олохпутугар мэйиини күүрдэн толкуйдуур уонна хамсанар үлэлээх дьоҥҥо туһалаахтар. Толкуйу эрэйэр үлэлээх дьон үксүгэр олорон эрэр үлэлииллэр, ол уҥуох уонна сис тоноҕоһо араастык уларыйарыгар, ас буһарар биэсэстибэлэр атастаһыылара  намтыырыгар, түмүгэр араас ыарыы элбииригэр тириэрдэр. Онтон хамсана сылдьар үлэлээх дьон былчыҥнарын ханнык эрэ чааһа аҥардастыы үлэлиир. Физкультура уонна успуорт ноҕуруусканы тэҥнииргэ туһалаахтар.

Социологтар чинчийбиттэринэн, успуордунан тиһигин быспакка дьарыктанар киһи олох ыарахаттарын 2-3 төгүл чэпчэкитик аһарар, үлэтигэр уонна кэлэктиип уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх, айар дьоҕура күүстээх, кэпсэтинньэҥ, бэйэтигэр эрэллээх, үчүгэй түмүктэри ситиһэргэ дьулуһар.

Биһиги түргэн тэтимнээх олохпутугар (стресс элбэх, экэниэмикэ мөлтүүр, бириэмэ тиийбэт, экология айгырыыр) бэйэҥ эккин-сииҥҥин, дууһаҕын истэ, иһиллии үөрэн уонна доруобай сырыт, мэлдьи эдэр, дьоллоох буол. Эдэр сааһы, кэрэ сылдьыы кэмин уһатарга успуордунан уонна физкультуранан дьарыктаныы улахан оруоллаах. Ол иһин, бэйэ доруобуйатын көрүнэр, кыраһыабай, олоххо көхтөөх, бэйэни куруук сайыннара сылдьар туһунан оҕо эрдэхтэн толкуйданыллар.

(Мэдиссиинэ Национальнай киинин матырыйаалынан)

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: