Салгыы
 Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэригэр мэдиссиинискэй аахсыйа дойдуга бастакынан ыытылынна

 Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэригэр мэдиссиинискэй аахсыйа дойдуга бастакынан ыытылынна

18.10.2022, 16:33
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Ийэ сылын чэрчитинэн,  доруобуйаларыгар  хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрин уонна эпэкииннэрин мэдиссиинискэй көрүүгэ аахсыйа тэрилиннэ.

Саха сирин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы  уопсастыбаларын Саха сиринээҕи отделениетын уонна “Харысхал” аһымал пуонда холбоһуктаах аахсыйалара дойдуга бастакынан ыытылынна.

Эрэгийиэннээҕи отделение бэрэссэдээтэлэ Алеся Кондратьева эппитинэн, биир кэлим мэдиссиинискэй көрүү өҥөтүнэн туһанарга 150-тан тахса киһи суруйтарбыта.

“Саха сиригэр алта тыһыынчаттан тахса доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо баар. Маннык оҕолор төрөппүттэрэ бэйэлэрин доруобуйаларын көрдөрүнэллэригэр бириэмэлэрэ да тиийбэт.  Ардыгар хас эмэ сыллар тухары, бэл, терапевка көрдөрө илик буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, суукканы быһа ыарыһах оҕолорун көрөллөр-истэллэр. Биһиги Доруобуйабыт харыстабылын министиэристибэтэ өйөөбүт аахсыйатын чэрчитинэн  төрөппүттэр онкологияҕа анаалыс туттарар, окулистка, кардиологка, неврологка уо.д.а. исписэлиистэргэ көрдөрүнэр кыахтаннылар. Маннык аахсыйа Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа барытыгар аан бастаан ыытыллар. Инникитин маннык аахсыйа атын эрэгийиэннэргэ киэҥник тарҕатар туһунан толкуйдуубут”, — диэн Алеся Кондратьева кэпсээтэ.

Ону сэргэ,  доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбатын Саха сиринээҕи отделениетын (2019 с. тэриллибитэ)  көҕүлээһининэн, доруобуйаларын эбии чинчиттэриэн баҕалаахтарага “от күөх көрүдүөр” тэриллиэҕэ. Онон  бу оҕолор төрөппүттэрэ кылгас кэм иһигэр наадалаах исписэлиистэригэр эбии көрдөрүнэр кыахтаныахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: