Саха сиригэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо социальнай сабыдыаллааһын бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн, Дьокуускайга саҥа айар мастарыскыай аһылынна.
Алтынньы 11 күнүгэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үлэҕэ саҥа үөрүйэҕи ылалларын уонна инникитин үлэлиир кыахтаналларын туһугар айар мастарыскыай аһылынна. Дьокуускай куорат Пушкин уулуссатын 31 нүөмэрдээх дьиэтигэр олохсуйбут “Ситим” мастарыскыай дьиэтэ социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим киинигэр букатыннаахтык бэрилиннэ. Манна үлэ былаһааккатын тэрийэргэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта, наадалаах тэриллэри атыыласпыттара.
Айар мастарыскыай үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймах дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Афанасий Постников кытыннылар.
Мастарыскыай аһыллыытын сыалынан-соругунан бырайыакка кыттар доруобуйаларынан хааччахтаах дьону дьарыктаах оҥоруу, инникитин кинилэр бэйэлэрэ үлэлииллэрин уонна сакаастары ылалларын хааччыйыы буолар. Манна сыһыаран эттэххэ, хайыы үйэ 100 устуука утуйар таҥаһы тигэргэ сакаас киирбит.
Мастарыскыай аан бастаан 2 хайысханан: иискэ уонна туойунан охсууга үлэлиэҕэ. Бу мастарыскыайдар иккиэн наадалаах тэриллэринэн уонна матырыйаалларынан хааччылыннылар. Доруобуйаларынан хааччахтаах хас биирдии киһи дьарыктаах буоларыгар тус-туспа бырагыраама оҥоһуллан, кинилэргэ уопуттаах маастардартан уонна исписэлиистэртэн куратордар сыһыарылыннылар.
“Ситимҥэ” барыта 16 киһи үлэҕэ ылылынна.
БЫҺААРЫЫ:
Социальнай сабыдыаллааһын бырайыага 2021 сыл кулун тутарыттан Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн олоххо киллэриллэр. Бырайыакка доруобуйаларынан хааччахтаах 37 эдэр киһи кыттар, кинилэртэн 12-тэ – социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр эппиэкэҕэ сылдьааччы, 25 — төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэнтэн.
Билигин бырайыак кыттыылаахтара тустаах түмүктэри көрдөрөллөр, олоххо-дьаһахха уонна үлэҕэ дьоҕурдарын сайыннараллар. Кинилэр бырайыак олоххо киллэриллэр кэмигэр Ленинград уобалаһын Мульти-киинигэр уйулҕа трениннэригэр кыттыбыттара уонна үөрэммиттэрэ. Кэлин өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр үлэҕэ ылыллыбыттара.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…