Салгыы
Доруобуйаҥ – бэйэҥ илиигэр!

Доруобуйаҥ – бэйэҥ илиигэр!

18.01.2024, 14:30
Хаартыска:Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр       өрөспүүбүлүкэтээҕи киин
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр тохсунньу 15-21 күннэригэр  Сыстыгана суох ыарыылары сэрэтии нэдиэлэтэ ыытыллар.

Киһи доруобуйатын туруга кини олоҕор сабыдыаллыыр араас төрүөттэн турар. Ол курдук,  удьуор ситимиттэн, мэдиссиинэттэн, экологияттан уонна, биллэн турар,  киһи бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыытыттан тутулуктаах.

Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) туоһулуурунан, киһи доруобуйата тутулуктаах:

60% — бэйэ доруобуйатыгар болҕомтотун ууруутуттан, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыытыттан;

15% — удьуоруттан;

15% — тулалыыр эйгэтиттэн;

10% — мэдиссиинэттэн.

Киһи уларыйа турар айылгылаах,  бэйэтин этэ-сиинэ чиргэл, өй-санаата чөл туруктаах буолуон  баҕарар буоллаҕына, болҕомтотун олоҕун тутулугар уонна ис туругар ууруох тустаах.

Санатан эттэххэ:

— Артериальнай дабылыанньа нуорматынан буолар: 120-140/80-90 мм рт. ст.

— Холестерин кээмэйэ 5,0 ммоль/л.

— Хааҥҥа сахар кээмэйэ – 4.0-5.9 ммольл.

— Биил кээмэйэ. Эр дьоҥҥо — 102 см, онтон дьахталларга 88 сантиметртна  элбэх буолуо суохтаах.

— Эт-сиин кээмэйин индексэ 19-25 кэриҥэ буолуохтаах. Маннык халыыбынан I=m/h, манна m – эт-сиин маассата киилэҕэ таһаардахха, h – уһун миэтэрэҕэ суоттаан таһаарыахха сөп.  Холобур, киһи уһуна 165 сантиметр, ыйааһына – 65 киилэ буоллаҕына, 65: (1,65х1,65)=23,87.

— Күҥҥэ 30 мүнүүтэттэн кырата суох эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныылары эбэтэр күҥҥэ 10 тыһыынча хаамыыны оҥоруохха.

— Күннээҕи аһылыкка 400-500 грамм сибиэһэй оҕуруот аһа, фрукта баар буолуохтаах. Онуоха банантан уонна хортуоскаттан ураты фрукта, оҕуруот аһа барыта киирсэллэр.

— Күҥҥэ 5,0 граммтан элбэҕэ суох туус сөп буолар.

— Табахтан, аһыы утахтан аккаастаныахха.

Хас биирдии киһиэхэ аҕам сааһыгар диэри бэйэ туругун күүһүрдэргэ, чөлүгэр түһэрэргэ, үлэлиир-хамныыр сэниэтин эбэргэ кыах бэриллэр. Ону сөпкө, өйдөөн-төйдөөн туһаныах тустаахпыт. Барыта хайдах быһыылаах олоҕу тутуһаргыттан тутулуктаах.

Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр       өрөспүүбүлүкэтээҕи киин

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: