Доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр
Тыҥырах өҥүнэн киһи доруобуйатын билиэххэ сөп диэн этэллэр. Оттон тарбаҕы илбийэр буоллахха, доруобуйаҕын тупсарыаххын сөп диэн бигэргэтэллэр. Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Тыҥырах өҥө
1.Доруобай киһи тыҥыраҕа кытархайдыҥы тэтэркэй өҥнөөх.
2.Быара ыалдьар киһи тыҥыраҕа араҕас өҥнөнөр.
3.Уҥуоҕун силиитэ бытааннык сайдар киһи, тыҥыраҕа чаҕылхай кыһыл өҥнөнөр.
4.Сүрэҕэ бобуллан ылар киһи тыҥыраҕа кытарымтыйар халлаан күөҕэ өҥнөнөр.
5.Киин нервнэй систиэмэтин үлэтэ кэһиллибит киһи тыҥыраҕа — үрүҥ хойуу суорат бэлиэлэрэ элбиир.
6.Мэйиитин үлэтэ кэһиллэн эрэр киһи тыҥыраҕа — араҕас бээтинэлэнэр.
Илбийии көмөтө
1.Тойон тарбаҕы илбийдэххэ — мэйии үлэтэ күүһүрэр.
2.Ыйар тарбаҕы илбийдэххэ — куртах үлэтэ тупсар.
3.Орто тарбаҕы илбийдэххэ — оһоҕос үлэтэ тэтимирэр.
4.Аата суох тарбаҕы илбийдэххэ — быар үлэтэ күүһүрэр.
5.Ылгын чыҥыйа тарбаҕы илбийдэххэ — сүрэх үлэтэ тупсар.
Саха ыалын халандаарыттан
(«Айар» кинигэ кыһата)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: