Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ үлэтин саҕалаата диэн СИА иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинискэй, иһитиннэрэр-ырытар киин дириэктэрин солбуйааччы Варвара Полятинская этэринэн, бу үлэ өрөспүүбүлүкэ бары балыыһаларыгар ыытыллар. Байыастар уонна дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ бастаан “Медведь” информационнай систиэмэнэн пациеннары өйүүр, арыаллыыр кииҥҥэ киирэллэр.
Исписэлиистэр салгыы чинчийиигэ, реабилитацияҕа, эмтэниигэ ыыталлар. Холобур, массааска, физио-эмтэниигэ, психологка, о.д.а. ыыталлар.
Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара “Бэс Чагда” санаторийга анал бырагырааманан сынньаныахтарын, эмтэниэхтэрин сөп. 20 күннээх кууруска аппараатынан эмтэнии,механотерапия, анал хамсаныынан, уунан, отунан эмтэнии, терренкур, бассейн, о.д.а. баар. Терапевт, кардиолог, невролог, травматолог-ортопед быраастар көрөллөр. Онно ыытар суругу доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн уонна быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга, байыаннай сулууспалаахтарга көмөнү сүрүннүүр киинтэн ылыахха сөп.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…