Уус Алдан улуустааҕы киин балыыһатыгар “Онкопоиск” скрининг дьаарбаҥката ыытылынна.
Дьаарбаҥка чэрчитинэн улуус олохтоохторо доруобуйаларын көрдөрөр уонна онкомаркер анаалыһын туттарар кыахтаннылар.
«Хас биирдии улахан киһи сыл аҥаарыгар биирдэ онкомаркер анаалыһын туттарыахтаах, онтон дьахталлар булгуччу онкоцитологияны барыахтаахтар. Биһиги “Онкопоиск” дьаарбаҥканы сыл аайы тэрийэбит. Бэйэтин доруобуйатын туругун билиэн баҕалаах киһи ахсаана сыл аайы элбээн иһэр. Быйыл онкомаркер 6 көрүҥэр 440 анаалыһы ыллыбыт. Онтон 254 анаалыс чинчийиллэ сылдьар, 186 анаалыс түмүгэ билиннэ, 18 киһиэхэ онкология ыарыыта баарын уорбалаатыбыт. Кинилэри барыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи Онкология киинигэр сиһилии чинчийиигэ ыытабыт”, — диэн Уус Алдантан улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Анна Петрова иһитиннэрдэ.
Артыыс өрөгөйдөөх күнүгэр лыык курдук тоҕуоруспут көрөөччү иннигэр, хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтэтэн оонньуура, этэрэ-тыынара --…
“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарын иитинэн, СӨ уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ…
3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа иһинэн “Кабинет памяти” диэн үлэлиир. Бу кэбиниэккэ эрдэттэн суруйтаран,…
Горнай улууһугар Мытаахха "Сайылык кыыһын үөрүүтэ" дьоро тэрээһин ыытыллаары турар. Бу күн мытаахтар сөбүлүүр, киэн…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үөрүүлээх сонун тиийэн кэллэ. Биһиги холбоһукпут баһаарынайдары бэлэмниир бөлөҕүн маҥнайгы…
Федеральнай ыйытыктар туоһулуулларынан, Арассыыйа олохтооҕун 48% харчы мунньунар, “финансовай подушка” оҥостор эбит. Онтон улахан аҥаардара…