Дьоруой Дмитрий Егоров малларын дойдутугар аҕаллылар

Share

Кулун тутар 12 күнүгэр Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгин Л.А. Попов аатынан орто оскуолатыгар Арассыыйа уонна уонна ДНӨ Дьоруойа Дмитрий Егоров олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри кэтэ сылдьыбыт бронежилетын, «Сунтаар» диэн позывной суруктаах кааскатын, Санкт Петербург худуоһунньуга Виктор Чернов уруһуйдаабыт мэтириэтин Дьокуускай куораттан «Арассыыйа — мин историям» историческай түмэлтэн быыстапкаҕа дьон көрүүтүгэр аҕаллылар.

Хаартыска: Л.Г. Ниткитина тиксэриитэ.

— Экспонаттары С.Зверев аатынан холбоһуктаах түмэл салайааччыта Альбина Алексеевна Федорова, пуонда сүрүн харайааччыта Эмма Васильевна Васильева туттардылар. Нэһилиэкпит баһылыга Иван Игнатьев, Дмитрий бииргэ үөрэммит уолаттара, оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ кыттыыны ыллылар. «Сулусчаан» уһуйаан иитиллээччитэ Кирилл Никифоров Герой туһунан сүрдээх үчүгэйдик кэпсээбитин бары сэҥээрэн иһиттибит, — диэн оскуола дириэктэрэ Лидия Никитина кэпсээтэ.

Быыстапка биир нэдиэлэ устата туруоҕа. Биир дойдулаахтара, чугастыы олорор Маар Күөл, Дьаархан олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ кэлэн көрүөхтэрэ. Салгыы экспонаттар Сиэйэ нэһилиэгэр айанныахтара.

Арыылаах нэһилиэгин Уһун Күөл бөһүөлэгэ -Дьоруой Дмитрий Егоров төрөөбүт, улааппыт сирэ-дойдута буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago