Дьоруой Дмитрий Егоров туһунан кинигэ таҕыста

Дьоруой Дмитрий Егоров туһунан кинигэ таҕыста

05.11.2024, 16:00
Хаартыска: А.Васильева.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа, ДНӨ Дьоруойдара Дмитрий Егоров туһунан “ПоZыVной Сунтар” диэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэни “Герои Отечества: Честь и слава Камчатки” сиэрийэнэн Камчатка кыраайын бырабыыталыстыбата бэчээттэтэн таһаарбыт.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

Дмитрий Егоров анал байыаннай дьайыыга Камчаткатааҕы муора пехотатын 40-с биригээдэтин десантнай-штурмовой ротатыгар, десантнай-штурмовой батальонугар тиийэн, сэриилэспитэ. Ол иһин Камчаткалар кинини бэйэлэрин дьоруойдарынан ааҕаллар.

Кинигэ киирии тылыгар Камчаткскай кыраай губернатора Владимир Солодов маннык суруйбут:

Төһө да ыраах олордорбут, Камчатка бүтүн дойдуну кытта Арассыыйа духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарын көмүскүүргэ, нацизмы утары охсуһууга турунна. Биһиги байыастарбыт хорсуннук туруулаһан сэриилэһэллэр. Үгүстэр Арассыыйа, Донецкай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойа ааты ыллылар. Биһиги дьоруойдарбыт ааттарын үйэтитэр сыалтан, хас биирдиилэрин туһунан кинигэ оҥорон таһаарыахпыт.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

Кинигэ ааптара – Александр Смышляев. Кини дьоруойдар тустарынан 18 уочаркалаах 7 кинигэни номнуо таһаарбыт. Ааптар морпех Сунтаар аҕатын Николай Алексеевиһы, убайын Алексей Егоровы уонна бииргэ сэриилэспит уолаттарын кытта кэпсэтэн, кинилэр ахтыыларынан уһун уочарканы суруйбут. Кинигэ халыҥ тастаах, кытаанах, килэбэчигэс илиистэрдээх, өҥнөөх хаартыскалардаах.

+1
23
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: