Дьоруой Дмитрий Егоровка пааматынньык туруоруохтара
05.09.2024, 14:48
Бөлөххө киир:
Байыаннай дьайыыга тыына быстыбыт хорсун саллаакка — Арассыыйа Дьоруойугар Дмитрий Егоровка Дьокуускайга пааматынньык туруоруохтара. Бу туһунан Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.
«Билигин Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аатын үйэтитэр бырайыак олоххо киирэн эрэр. Көҕүлээччилэринэн Дьокуускай тутааччылара буолаллар. Пааматынньыгы чааһынай үбүнэн номнуо оҥоро сылдьаллар», — диэн Григорьев иһитиннэрдэ диэн суруллар.
Пааматынньык туруон сөптөөх хас даҕаны сирин үөрэтэллэр. Итиэннэ Дьокуускайга Кыайыы пааркатыгар байыаннай дьайыыга анаммыт өйдөбүнньүк оҥоһуллара былааннанар.
+1
14
+1
1
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: