Дьоруой Игорь Юргин үлэ министиэристибэтигэр стажировкаланар

Share

Балаҕан ыйын 10 күнүттэн Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр стажировкатын саҕалаата.

Бастаан кини министиэристибэ салалтатын кытта көрүстэ. Миниистир Елена Волкова үлэ салааларын, хайысхаларын туһунан кэпсээтэ, билиһиннэрдэ.

Игорь Юргин — Арассыыйа Дьоруойа, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа. Кини байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын сайыннарарга аналлаах  «Время героев» диэн бырагырааманан стажировканы ааһар.

Бу бырагыраама сыала-соруга — анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан үрдүк квалификациялаах, дьоһуннаах салайааччылары талан ылан, салгыы судаарыстыбаннай, муниципальнай былаас уорганнарыгар уонна судаарыстыбаннай хампаанньаларга үлэлэтэргэ туһаайыллар.

Игорь Юргин бу нэдиэлэ устата министиэристибэ үлэтин-хамнаһын билсиэҕэ, биэдэмистибэ салайар социальнай тэрилтэлэргэ уонна «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуондаҕа  сылдьыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago