Дьоруой Ийэ 100 сааһын туолла
Ыам ыйын 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэнэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Дьоруой Ийэ, сэрии бэтэрээнэ Киренская Матрена Егоровнаны наҕараадалыыр туһунан ыйаахха илии баттаата.
Матрена Егоровна 100 сааһын томточчу туолан, ытык сааһын оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин ортолоругар көрсөр. Үтүө майгытынан, дьоҥҥо сыһыанынан, тулуурунан, үлэтинэн-хамнаһынан, уустук үйэҕэ үтүө суобастаахтык олорбут олоҕунан ыччат дьоҥҥо холобур буолар.
Аҕа дойдунун көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар Төҥүлү таһыгар кистэлэҥ аэродром үлэлии сылдьыбыта. Бу аэродром “АлСиб” салгын суолун саппаас аэродрома этэ, манна өссө өрөмүөннүүр база уонна араадьыйа киинэ бааллара. Манна Матрена Егоровна эдэркээн кыыс сылдьан үлэлээбитэ.
Кини ханнык да күн-дьыл турдун, томороон тымныыга, өҥүрүк куйааска, хаар-ардах аннынан көтөр балаһалары ыраастыыра, сөмөлүөттэри тыраахтарынан состороро, онтон да атын үлэ элбэх буолара. Бу курдук ханнык баҕарар үлэҕэ эппиэтинэстээхтик, бэриниилээхтик сыһыаннаһара, бары ыарахаттары тулуйан, быыһыгар уон оҕону төрөтөн, иитэн, киһи гынаттаабыт ытык ийэ буолар.
Хаартыскаҕа: Матрена Егоровна Киренская хаҥас турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: