Хаартыска: СИА
Дьоруой Ийэ Айталина Максимова соторутааҕыта 15-с оҕотун төрөөтө. Кыра кыыс 3,6 киилэлээх, 54 см уһуннаах, доруобуйата үчүгэй. Улахан дьиэ кэргэн билигин сэттэ кыталык кыыстаах, аҕыс туруйа уоллаах буолла.
Айталина – билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 15 оҕотун бэйэтэ төрөөбүт бастакы ийэ буолар. Кини 40 саастаах. 2018 сыллаахха “Дьоруой Ийэ” бочуоттаах ааты иҥэрбиттэрэ. 2021 сыллаахха 14-с оҕотун төрөөбүтүгэр, ийэлии хорсун быһыытын иһин “Гражданскай килбиэн” бэлиэни туттарбыттара. Ону тэҥэ, судаарыстыбаттан толору көмөнү ылан олороллор.
Кини 2018 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыакка биэрбит интервьютугар: “Өссө төгүл оҕолонуоҥ этэ дуо?” диэн ыйытыыга: “Таҥара биэрдэҕинэ, оҕолонон буоллаҕа! Доруобуйам үчүгэй. Төрүүр дьиэҕэ миигин тута билэллэр (күлэр). Элбэх оҕоҕо киһи үөрэнэн хаалар эбит. Ханна эрэ бардахтарына, аҕыйах буолан хааллахха, чуҥкуйан киирэн бараҕын. Дьиэ иһин толору оҕо-аймах күлэ-үөрэ, мэниктии, оонньуу сылдьара саныахха астык. Эбэлээх эһэлэрэ көрөргө көмөлөһөллөр. Хайа уонна элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, туһалара да баһаам”, — диэн хоруйдаабыта.
— Сорох кыргыттар, дьахталлар элбэх оҕолоноллоруттан куттаналлар. Доруобуйабыт тулуйбат дииллэр уонна, хас биирдиилэрин атаҕар туруорартан, иитэртэн, хааччыйартан саллаллар…
— Эдэр сылдьан, 4 оҕо сөп дии саныыр этим. Бэйэм элбэх оҕолоох ыалга улааппытым. Ону тэҥэ, оҕо түһэртэрэри аньыыргыыбын. Таҥара бэлэҕин киэр анньыы курдук буолар. Киһиэхэ баар-суох баайа – оҕолоро буоллаҕа дии…
Сиһилии интервьюну бу сигэнэн киирэн аах:
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/saamaj-eder-doruoj-ije/
Дьоруой Ийэ Сунтаар улууһун Тэҥкэтиттэн төрүттээх. Сэттэ оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, онон бэйэтэ элбэх оҕолонорун эрдэттэн билэр этэ. 10 оҕотун бастакы кэргэнин кытта олорон төрөөбүтэ, онтон арахсыбыттара. Иккис кэргэнэ Сергей Сивцев диэн, тырахтарыыс идэлээх, оскуолаҕа үлэлиир.
Кинилэр Дьокуускай куорат таһынааҕы Сыырдаахха көһөн кэлэн, олохсуйбуттара. Икки этээстээх улахан дьиэлээхтэр, сылгылаахтар, сүөһүлээхтэр, оҕуруоттаахтар. Оҕолор бэйэ-бэйэллэрин көрсөллөр, төрөппүттэригэр көмөлөһөллөр.
Улахан кыыстара Татьяна 24 саастаах, ювелир идэлээх, кэргэннээх, оҕолордоох. Онон Айталина тэҥинэн эдэр ийэ уонна эбээ буолар.
Онон Максимовтарга-Сивцевтэргэ олоҥхоҕо курдук «сэттэ кыталык кыргыттарданыҥ, тоҕус туруйа уолаттарданыҥ!» диэн алгыыбыт! Таҥара биэрдэҕинэ, баҕар, 16-с оҕо күн сирин көрүөҕэ…
Лада дьиэтигэр киэһэ 9 чаас саҕана түгэх хоһугар көмпүүтэргэ үлэлии олорон, эмискэ ойон туран түннүк…
Уһун өттүктээх, халыҥ бууттаах, кылгас бэрбээкэйдээх, модьу-таҕа атахтаах, убаҕас сиэллээх, хомпоҕор кэҥэриилээх, киэҥ таныылаах, уһун…
Сэтинньи 2 күнүгэр СӨ Оһуокай түмсүүтүн ыҥырыытынан ытык дьоммут, Арассыыйаҕа туризмы тэрийиигэ хонноохтоохтук ылсан үлэлии…
Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин олохтоох бибилэтиэкэтин дьиэтигэр аҕам саастаах дьон - урукку хомсомуоллар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин…
Сунтаар улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии, култуура о.д.а. управлениелар үлэһиттэрэ салайааччы Анатолий Григорьев тула түмсэн,…
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха сайдыытын түстээбит “Саха интеллигенциятыгар суруга” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ким өҥөтүнэн тиийэн…