Дьоруой ийэ көрдөһөр: “Төрүүр дьиэттэн олох саҕаланар”

Share

Ийэ буолуу туохтааҕар да күндү, умнуллубат түгэн. Ону ааһан, 10 оҕону күн сиригэр көрдөрөн, күн бүгүн сиэннэрбин бүөбэйдэһэн, күүс-көмө буоларым, сүүрэ-көтө сылдьарым – ананан кэлбит дьылҕам бэлэҕэ.

Уус Алданнааҕы дьахтар төрүүр дьиэтэ 1966 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Хаста да хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, ис-тас көстүүтэ тупсарыллан турар. Сэнэх көстүүлээх эргэ эбийиэк сылтан сыл аайы тымныйан иһэр. Ордук муостата +3-4 кыраадыска диэри тымныы, ортоку хапытаалынай истиэнэҕэ оннооҕор -10-ҥа диэри түһэр. Киһи тымныы кэмҥэ өйөнөн турбат. СанПиН билиҥҥи ирдэбилигэр эппиэттээбэт, итии уута суох. Эргэ дьиэ буолан канализацията сатаммат. Биир эрэ сиргэ убаҕаһы тоҕор, туалеттыыр сир баар. Душевой хос турар да сирэ суох.

Ирдэбилгэ эппиэттиир аппаратуура барыта баар эрээри, турар сирдэрэ кыараҕас, эппиэттэспэт. Пациеннар эмтэнэллэригэр, үлэһиттэр суукканы быһа үлэлииллэригэр сөптөөх усулуобуйа суох. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэт дьиэҕэ, туох-баар сыраларын, сатабылларын ууран, үрдүк категориялаах, идэлэрин толору баһылаабыт кэлэктиип үлэтин чиэстээхтик толорон олорор дии саныыбын. Кинилэргэ барҕа махтал!

Мин 10 оҕобун төрөппүт, күн сирин көрдөрбүт, күндүтүк саныыр кэлэктиибим буолар. Сэбиэдиссэй – РФ уонна СӨ үрдүк категориялаах бырааһа, 48 сыл устата Уус Алдан улууһун ыччата күн сирин этэҥҥэ көрөрүгэр сыратын биэрэн үлэлии олорор 77 саастаах оройуон кылаабынай акушер-гинеколога Варвара Сыроватская. “Этэҥҥэ сылдьан, таас балыыһа аанын аһан киирбит киһи”, – диир ыра санаата туоларын, биһиги ийэлэр, туохтааҕар да  баҕарабыт.

Варвара Дмитриевна 1966 сыллаахха Курбуһах интэринээт-оскуолатын бүтэрэн, киин балыыһаҕа медсиэс­тэрэнэн үлэлии киирбитэ. Онно бэйэтэ сууйан-сотон, кыраас­калаан киирбит дьиэтигэр билигин даҕаны үлэлии-хамсыы олорор. Медсиэстэрэнэн икки сыл үлэлээн баран, 1968-
1974 сс. мэдиссиинискэй факультекка үөрэммитэ. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиис акушер-гинеколог быһыытынан 1974 сыллаахха Уус Алданыгар үлэлии тахсар. Онтон ыла эҥкилэ суох төрөөбүт улууһун дьонун-сэр­гэтин “улахан ийэтэ” буолар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Маны таһынан, оҕону уонна улахан дьону туспа тутан көрөр-истэр сыалтан оҥоһуллубут, СанПиН ыстандаартыгар эппиэттээбэт эбийиэктэргэ көрдөрүнэрбитин бэлиэтээн ааһар эмиэ тоҕоостоох дии саныыбын. Оҕолорбутун көрдөрөр поликлиникабыт 2002 сыллаахха каркаснай-панельнай бырайыактаах тутуллан киирбитэ. Онон үлэлиир болдьоҕо бүппүт, тымныы, кыараҕас, туох да хааччыллыыта суох дьиэ. Бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт оҕолорбут эйэ­ҕэс эмчиттэрэ аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр дьиэҕэ үлэ­лиэхтэрин, ыччаттарбыт сөптөөх, анал көрдөрөр дьиэлээх буолуохтарын олус баҕарабыт.

Оттон улахан дьон көрдөрөр поликлиникатын дьиэтэ оро­йуон дьаһалтатыгар ананан 1974 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Оччолорго райком 1-кы сэкирэтээрэ С.С. Аржаков поликлиникаҕа биэрэн, билигин да үлэлии олороллор. Эмиэ олус эргэрэн, иһин-таһын бүрүйүү эрэ түмүгүнэн үлэлиир.

Бу сылларга үлэлээн кэлбит кылаабынай быраастар 30 сыл устатыгар туруорсан, улуус бэйэтэ сыбаайа түһэрбит сиригэр, таас балыыһа 2014 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла таас балыыһа иккис уочаратын туруорсууга эмиэ туох да хамсааһын тахсымаары гынна. Бэйэбит оҕобут Анна Саввична Петрова кылаабынай быраа­һынан кэлиэҕиттэн туруорсан, быйылгы дьылга хамсыах курдук дуу диэн эрэл санаа­лаах, Дьоруой Ийэ буолан олорон, күүс-көмө буолар баҕалаах, аһаҕастык туруорсарга, көрдөһөргө сананным.

Онон улууспут киин балыы­һатын үлэтэ-хамнаһа, олохтоох­тор доруобуйа­лара тупсарын туһугар дьахтар төрүүр дьиэтин, поликлиникалаах бырайыактаах таас балыыһабыт иккис уочаратын тутуутун чугаһатаргытыгар көрдөһөбүн, үөрүүбүтүн үксэтиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин.

Виктория ВАСИЛЬЕВА,

Дьоруой Ийэ,

Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Саха сиригэр булчуттар сүттүлэр

СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ньурба хорсун байыаһа Андрей Григорьев өстөөх ыскылаатын эстэрбитин туһунан Айсен Николаев интервьюга кэпсээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…

51 минута ago
  • Быһылаан

Кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор киһи өлбүтүнэн борокуратуура бэрэбиэркэтэ саҕаланна

Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Орто Халымаҕа оҕолордоох массыына сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…

2 часа ago
  • Сонуннар

32 саастаах баахта үлэһитэ үгээрдээн өллө

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хойуу туман тыҥаҕа буортулаах

Хойуу туманнаах тымныы киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарый? 40 кыраадыс тымныыттан саҕалаан, дьон тоҕуоруһан олорор нэһилиэнньэлээх…

2 часа ago