«Дьоруой паартатын» туруордулар

Share

Алтынньы 14 күнүгэр Сунтаар улууһун Арыылаах агро хайысхалаах оскуолатыгар Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров сырдык аатын, кини хорсун быһыытын үйэтитэр, ыччакка патриотическай иитиини күүһүрдэр сыалтан, “Дьоруой паартата” оҥоһуллан турда. Бу тэрээһин “Наша новая школа” бырайыак чэрчитинэн барда.

Хаартыска: Л.Никитина.

Бу күн Дьоруой аҕата Николай Алексеевич Егоров, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара кэлэн кытыннылар, Дмитрий Николаевич туһунан ахтан-санаан аастылар, кини олоҕун, оҕо сааһын, хорсун быһыытын туһунан үөрэнээччилэргэ кэпсээтилэр.

Дмитрий дьоно оскуола мусуойугар  Дьоруой бескозыркатын, тельняшкатын, Тихоокеанскай муора флотун былааҕын, остуолга уурар былаахтары бэлэх ууннулар.

Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ Лидия Никитина бу курдук кэпсээтэ:

— Бу паартаҕа биһиги биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров туһунан элбэх информация баар, куйаар-куодунан киирэн, кини туһунан суруйуулары, чугас дьонун ахтыытын о.д.а. ааҕыахха, көрүөххэ сөп. Дьоруой аатын үйэтитиигэ оскуолаҕа, мусуойга үлэлэр салгыы ыытыллыахтара.

Сыл аайы оскуола биир выпускнигар бэриллэр Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аатынан харчынан бириэмийэ олохтонно. Харчыны ханнык баҕарар оҕо ылыан сөп. Туйгун үөрэх да, олимпиадаҕа кыттыы да ирдэммэт. Сүрүн ирдэбилэ — табаарыстарыгар көмөлөһүү, дойдуга бэриниилээх буолуу.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

3 часа ago