Ил Дархан: «Хорсун байыаһынан киэн туттабын»
Бүгүн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр, күнүс 13:00 ч. Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Быһа кэпсэтии» биэриигэ таҕыста.
Кэпсэтии кэмигэр ыйытыы бу күннэргэ Запорожье туһаайыытынан ВСУ тиэхиньикэлэрин кэккэтин соҕотоҕун үлтү сынньыбыт «Алеша» тааҥка экипаһын хорсун бьайыаһыгар туһаайылынна. Айсен Николаев бу күннэргэ байыас ийэтин кытта кэпсэппит.
«Тыа сирин үлэһит дьиэ кэргэниттэн сылдьар, мобилизацияланан барбыт байыас эр санаалааҕын, хорсуннук-хоодуоттук дьоруойдуу быһыыны оҥорбутуттан киэн туттабын. Кини дьонугар көмө оҥоһуллуоҕа», — диэтэ.
Биһиги танкистарбыт хорсун быһыыларын, «Алеша» диэн киһи барыта билэр буолбут тааҥка экипаһын дойдубутугар эрэ буолбакка, аан дойду гражданнара сөҕөллөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Кытай дэлэгээссийэтэ кэлэ сылдьан Саха сирэ маннык дьоруойдардааҕын улаханнык сөхпүтүн туһунан Ил Дархан этэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: