Дьоруой ийэтэ Зарема Неустроева: «Уолбут хорсун быhыытын интэриниэттэн билбиппит»
Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгэ, кырдьык даҕаны, Дьоруойдар түөлбэлэрэ: гражданскай сэрии Дьоруойа Гаврил Васильевич Егоров-Бартыһаан Дьөгүөрэп, Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойа Владимир Дионисьевич Лонгинов, Үлэ Дьоруойа Михаил Николаевич Готовцев уонна төрдүс Дьоруой “Алеша” тааҥка наводчик-оператора Алексей Михайлович Неустроев.
ЫАЛ УЛАХАН ОҔОТО
Алексей Михайлович Зарема Алексеевна уонна Михаил Михайлович Неустроевтар дьиэ кэргэннэригэр 1987 сыллаахха от ыйын 29 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ М.Н. Готовцев аатынан Тандатааҕы оскуола интэринээтигэр иитээччини солбуйааччынан үлэлиир, аҕата II группалаах инбэлиит, биэнсийэҕэ олорор.
Дьоруойбут ыал улахан оҕотунан буолар. Бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр – Евдокия диэн балтылаах, Дмитрий, Михаил уонна Виктор диэн бырааттардаах.
Ийэтэ Зарема Алексеевна уолун туһунан маннык кэпсиир:
– Алексей оҕо эрдэҕиттэн олус сэмэй майгылаах, элбэх саҥата-иҥэтэ суох. Кыра сааһыттан үлэһит бэрдэ, ханнык даҕаны ыарахан үлэттэн чаҕыйан туран хаалбат.
БАЙЫАННАЙ ЭПЭРЭЭССИЙЭ ИННИНЭ
Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барыан иннинэ Алексей чааһынай тэрилтэҕэ сыбаарсыгынан үлэлээбитэ.
– Вездеходтары, араас тиэхиньикэни оҥорооччулар. Уолбут иллэҥ кэмигэр уһанарын сөбүлүүр. 2006-2008 сылларга Хабаровскай кыраайга аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитэ. Онно тааҥкабай чааска сылдьыбыта.
Алексей былырыын күһүн Арассыыйаҕа быстах хомуур биллэриллибитигэр байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барар буолбута. Балаҕан ыйын 30 күнүгэр дьиэтиттэн тахсан барбыта уонна бэбиэскэ тутан, үргүлдьү айаннаабыта. Бу саас, муус устарга уоппуска ылан дьиэтигэр кэлэ сылдьыбыта, – диэн Алексей ийэтэ уолун туһунан кэпсиир.
ДЬОРУОЙДУУ БЫҺЫЫ ТУҺУНАН
От ыйын 29 күнүгэр Запорожскай уобалас Наводаровка оройуонугар буолбут ураты киирсиилээх түгэни халлаантан пилота суох көтөр аппараакка видеоҕа устан тарҕаппыттарын аан дойду барыта сөҕө-махтайа көрбүтэ. Бу кэмҥэ Арассыыйа Т-80 тааҥката соҕотоҕун ВСУ аҕыс бронетиэхиньикэтин (икки тааҥканы уонна MRAP M1224 MaxxPro диэн алта броневигы) кытта утары кимиилээхтик киирсибитэ. Арассыыйа тааҥката тэҥэ суох киирсиигэ кыайыылаах тахсыбыта.
Кимэн киирсии бастакы мүнүүтэтигэр наводчик-оператор Алексей Неустроев бэргэн ытыытын түмүгэр, өстөөх Т-72Б икки тааҥката урусхалламмыта. Онтон экипаж салгыы 30 мүнүүтэ иһигэр Америка оҥорон таһаарбыт алта бронетранспортерун десаннарын кытта эспитэ.
Алексей дьоруойдуу быһыытын ийэлээх аҕата, чугас дьоно интэриниэт ситимиттэн билбиттэр эбит. Уоллара дөрүн-дөрүн төлөпүөнүнэн сибээскэ тахсар эбит даҕаны, экипааһынан хорсун быһыыны оҥорбуттарын туһунан биирдэ даҕаны кэпсээн аһарбатах.
– Уолбут дьоруойдуу быhыытын интэриниэттэн билбиппит. Ол ситимҥэ тарҕаммыт видеоны көрөн сүрдээҕин долгуйбуппут, куттаммыппыт, ол быыhыгар үөрбүппүт даҕаны. Алексей ол быһылаан кэнниттэн сибээскэ син тахсар этэ даҕаны, олох тугу да кэпсээбэтэҕэ. Уолбутунан киэн туттабыт, – диэн Зарема Алексеевна долгуйан туран, уолун хорсун быһыытын туһунан кэпсиир.
КИИРСИИ ТУҺУНАН
“Алеша” тааҥка экипааһа тарҕаммыт видео-каадырдары бэйэлэрэ да көрөн соһуйбуттар. Кыргыһыы хонуутуттан тахсан баран Алексей: “Адреналин баара. Куттанарга, ыгылыйарга да бириэмэ суоҕа”, – диэн утары киирсии туһунан эппитэ.
Атырдьах ыйын 29 күнүгэр Арассыыйа Дьоруойдарын аатын сүкпүт биир дойдулаахтарбыт Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев (Сунтаартан сылдьар) Сахаларын сиригэр көтөн кэлбиттэрэ. Кинилэри Дьокуускай аэропордугар аркыастыр доҕуһуоллаах, былакааттардаах чугас дьонноро, аймахтара, доҕотторо уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлии көрсүбүттэрэ.
“Дьиэбитигэр этэҥҥэ эргилиннибит. Өр кэм ааста да буоллар, дойдубутугар кэлэр күммүт үүннэ. Билигин биһиги уоппускаҕа кэллибит, сынньана түһүөхпүт”, – диэн Арассыыйа Дьоруойа буолбут Алексей Неустроев сэмэйдик үөрүүтүн үллэстэр.
Кини билигин дойдутугар – Тандатыгар уоппускаҕа барда, ахтылҕанын таһаарыаҕа. Алексей кылгас сынньалаҥ кэнниттэн байыаннай дьайыы буола турар сиригэр төннүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: