Дьоруойдар ааттарын сүгэр оскуолалар сүлүөттэрэ
Маннык тэрээһин кадеттар оскуола-интэринээттэригэр ыытылынна. Бу сүлүөт Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, РФ Дьиэ кэргэн уонна СӨ Оҕо саас сылларыгар ананна.
Тэрээһин түһүлгэтигэр тоҕус улуустан 16 оскуола уонна Дьокуускай куорат сэттэ оскуолата түмүстэ. Марха 1 №-дээх оскуолата, «Мохсоҕоллор» юнармия, 7 «А» кылаас үөрэнээччилэрэ истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Салайааччылар — Надежда Васильева, Алексей Попов.
Ыалдьыттар болҕомтолорун байыаннай дьыала историятын билиһиннэрэр быыстапка тарта. Маны сэргэ, РФ Дьоруойун Филипп Евсеевы кытары көрсүһүү буолла. Кини кэпсиирин, санаатын истибит тэрээһин кыттыылаахтара ситиһиилэргэ эрэллэрэ күүһүрдэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Саллаакка сурук» аахсыйа иитинэн байыастарга өйөбүллэрин уонна махталларын биллэрэн тэрээһин кыттыылаахтара сурук суруйдулар.
Сүлүөт иитинэн билиини-көрүүнү тургутар «Математический КВИЗ» ыытылынна. Ону сэргэ, «Видео-презентация», «Визитка», «Выставка» куонкурустарга күрэхтэстилэр. Хас биирдии куонкурус кыттааччылар айар дьоҕурдарын, дойдуга тапталларын уонна дьоруойдар ааттарыгар ытыктабыллаах сыһыаннарын көрдөрөр соруктаах.
Хамаанданан таҕыста:
3 м. — С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы.
2 м. — Р.И.Константинов аатынан оскуола, Чурапчы.
1 миэстэни Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан Баатара орто оскуолата (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуола ыллылар.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сүлүөт ыччакка патриотическай иитии суолтатын өйдөтөр уонна дьоруойдар тустарынан өйдүү-саныы, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ сылдьалларыгар туһуланна.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: