Дьоруойдар ааттарын сүгэр оскуолалар сүлүөттэрэ

Share

Маннык тэрээһин кадеттар оскуола-интэринээттэригэр ыытылынна. Бу сүлүөт  Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, РФ Дьиэ кэргэн уонна СӨ Оҕо саас сылларыгар ананна. 

Тэрээһин түһүлгэтигэр тоҕус улуустан 16 оскуола уонна Дьокуускай куорат сэттэ оскуолата түмүстэ. Марха 1 №-дээх оскуолата, «Мохсоҕоллор» юнармия, 7 «А» кылаас үөрэнээччилэрэ истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Салайааччылар — Надежда Васильева, Алексей Попов.

Ыалдьыттар болҕомтолорун байыаннай дьыала историятын билиһиннэрэр быыстапка тарта. Маны сэргэ, РФ Дьоруойун Филипп Евсеевы кытары көрсүһүү буолла. Кини кэпсиирин, санаатын истибит тэрээһин кыттыылаахтара ситиһиилэргэ эрэллэрэ күүһүрдэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Саллаакка сурук» аахсыйа иитинэн байыастарга өйөбүллэрин уонна махталларын биллэрэн тэрээһин кыттыылаахтара сурук суруйдулар.

Сүлүөт иитинэн билиини-көрүүнү тургутар «Математический КВИЗ» ыытылынна. Ону сэргэ, «Видео-презентация», «Визитка», «Выставка» куонкурустарга күрэхтэстилэр. Хас биирдии куонкурус кыттааччылар айар дьоҕурдарын, дойдуга тапталларын уонна дьоруойдар ааттарыгар ытыктабыллаах сыһыаннарын көрдөрөр соруктаах.

Хамаанданан таҕыста:

3 м. — С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы.

2 м. — Р.И.Константинов аатынан оскуола, Чурапчы.

1 миэстэни Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан Баатара орто оскуолата (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуола ыллылар.

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сүлүөт ыччакка патриотическай иитии суолтатын өйдөтөр уонна дьоруойдар тустарынан өйдүү-саныы, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ сылдьалларыгар туһуланна.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago