Дьоруойдар чугас дьонноругар Эр санааланыы уордьанын туттардылар

Share

Бүгүн байыаннай сулууспалаахтар, анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр дьоруойдуу охтубут  Петр Корнилов, Иннокентий Михайлов уонна  Николай Сибиряков чугас дьонноругар Эр санааланыы уордьанын туттардылар уонна саҥата суох туран сүгүрүйдүлэр.

«Дойдубутугар саамай ыарахан кэмнэргэ Саха сирин дьоно дойду көмүскэлигэр туруммута. Бүгүн биһиги анал байыаннай эпэрээссийэ, Арассыыйа инникитин, куттал суох буолуутун уонна көҥүл иһин охсуһуу кыттыылаахтарыгар норуот махталын этэбит. Биһиги биир дойдулаахтарбыт Петр Васильевич Корнилов, Иннокентий Иванович Михайлов, Николай Петрович Сибиряков дьоруойдуу быһыыларыгар төбөбүтүн хоҥкутабыт. Кинилэр хорсун быһыылара хаһан да умнуллубат”, — диэтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев.

Николай Сибиряков төрөппүттэрэ  Дарья Николаевна уонна  Петр Петрович Арктика улууһуттан кэллилэр. Кинилэр үс уолларыттан улаханнара Николай аармыйаҕа сулууспалаан баран, анал эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн барбыта уонна дьиҥнээх эр киһи, саллаат быһыытынан Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан өлбүтэ.

«Биһиги бэйэбит дойдубутугар уопсастыба барыта буойуннар дьиэ кэргэттэрин өйүөхтээхпит, кыһаныахтаахпыт. Бырабыыталыстыба өттүттэн буойуннар чугас дьонноро, оҕолоро бу судургута суох кэми эрдээхтик туоруулларыгар көмөлөһөр быһаарыылары ылынныбыт”, — диэтэ Ил Дархан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago