Дьоруойдар дьоруойдары төрөтөллөр…
Запорожье туһаайыытынан өстөөх баһыйар ахсааннаах тиэхиньикэтин холуоннатын соҕотоҕун урусхаллаабыт “Алеша” тааҥка экипааһын дьоруойдуу хорсун быһыытыттан бүтүн аан дойду сөхпүтэ-махтайбыта.
Былырыын атырдьах ыйыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Курскайдааҕы кыргыһыыга Кыайыы 80 сылыгар аналлаах тэрээһин кэмигэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарбыта. Кинилэр кэккэлэригэр икки саха уолугар – Филипп Евсеевкэ (Сунтаар) уонна Алексей Неустроевка (Уус Алдан) Арассыыйа Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Утумнаһыы тыыннаах холобура
Дьоруойдар дьоруойдары төрөтөллөр. Бу буолар, утумнаһыы тыыннаах холобура. Халабырдьыт фашистары утары Аҕа дойдуларын көмүскэлигэр аҕа көлүөнэ дьон — аҕалара, эһэлэрэ көрдөрбүт дьоруойдуу хорсун быһыыларын 80 сыл буолан баран, аныгы ыччат дьон – сиэннэрэ Украинанан саптынан Арассыыйаҕа саба түспүт Эмиэрикэ, бүтүн Дьобуруопа куомуннаахтарын сэриилэрин утары илиилэригэр саа-саадах тутан хатылыыллар. Ильмень күөлгэ, Москва, Ленинград, Сталинград анныларыгар, Курскай Тоҕойго, Беларусь, Украина сирдэринэн, Дьобуруопаны биир гына, ньиэмэс сиригэр Берлиҥҥэ тиийэ сырдык тыыннарын толук ууран Улуу Кыайыыны ситиспит саха хорсун буойуттарын албан ааттарын ааттаталлар.
Саха саллааттара сэриилэспит Сибиир дивизиялара суоһар охсууларыттан өстөөх өлөрдүү куттанара. Биһиги аттаах сэриилэрбит өстөөҕү кэтэх өттүттэн урусхаллаан, Москваны босхолооһуҥҥа улахан төһүүнэн буолбуттара. Белов генерал кавалерийскай корпуһугар 2000-тан тахса саха кыргыспыта. Бойобуой генерал: «Сахалар сылгыга сыстаҕас, сэрииһит омук эбиттэр»,—диэн үрдүктүк сыаналаабыта мээнэҕэ буолбатах.
Сэрии кэмигэр аармыйа, фронт таһымнарынан аата-суола киэҥник биллибит-сураҕырбыт саха бэргэн ытааччытын, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопковы маршал И.С.Конев Арассыыйа улуу снайпера диэн билинэн турар.
Нуучча аармыйата Наполеон сэриитин үлтүрүппүт номоххо киирбит Бородино хонуутугар Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх саха артиллериһа, орудие наводчига Алексей Ефремов инники кирбиигэ өстөөх биэс тааҥкатын тоҕута ытыалаабыта. Хорсун быһыытын билинэн, сыаналаан, дьоруойдуу охтубутун кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэрбит докумуоннара, сэриилэһэр чаастара төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит буолан, кэлин хомолтолоохтук көстүбэтэҕэ.
Сталинград анныгар кырыктаах кыргыһыыга буускатын расчетуттан соҕотоҕун хаалбыт артиллерист Гаврил Протодьяконов, бааһырдар даҕаны, нейтральнай балаһаҕа буускатын соһо-үтэ халбарыйа сылдьан, бырысыала алдьанан уоһунан кыҥыы-кыҥыы өстөөх субу кэлбит үс тааҥкатын уматан, кимэн киириитин харгыстаабыта. Харса-хабыра суох артиллерист чахчы, мэлдьэһиллибэт дьоруойдуу хорсун быһыыта номох буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэллэ.
Аҕа дойдуларын эрэллээх көмүскээччилэр
Бу сулуһа суох дьоруойдары норуот Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарынан билинэр, сыаналыыр. Кинилэр хорсун быһыыларын сиэн ыччаттара – танкист саха уолаттара хатылаатылар. Тааҥка диэн хамандыыр, наводчик-оператор (буусканан ытааччы), механик-водитель үс киһилээх экипаж, сыалай кэлэктиип идэлэрин эҥкилэ суох баһылаабыт, ханнык да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр, өйөһөр, чаһы курдук үлэлиир буоллахтарына, уодаһыннаах сэрии тиэхиньикэтэ буоллаҕа. Буолаары буолан, көмпүүтэр, электроника ситиминэн дьаһаллар, салаллар тааҥка.
Уолаттар үрдүк кылаастаах байыаннай исписэлиистэр, маастардар, Аҕа дойдуларын эрэллээх көмүскээччилэр буолалларын дакаастаатылар. Бойобуой хапсыһыыга мэхээнньик сатабыла, наводчик сыыспакка ытарыгар таба маневрдааһына улахан оруоллаах. Тааҥка хамандыыра кинилэр сатабылларыгар тирэҕирэн быһаарыныылары ылынар. Ол да иһин, механик-водитель Филипп Евсеев сатабыллаах салайыытынан миинэҕэ үктээбэккэ, өстөөх сэнэрээтигэр таптарбакка, снайпер наводчик Алексей Неустроев бэргэн ытыытынан “Алеша” тааҥка экипаһа икки тааҥканы, алта бойобуой массыыналары тоҕута ытыалаан, Украина сэриилэрин баһыйар ахсааннаах тиэхиньикэтин холуоннатын урусхаллаан дьоруойдуу хорсун быһыыны оҥордоҕо.
Быйыл саас интернационалист-буойун, аналлаах байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа санааларынан кытта сылдьар саха уолаттарын “Боотур”этэрээттэрин хамандыыра Александр Колесов бастакынан Арассыыйа Дьоруойа буолбутун уруйдуу-айхаллыы көрсүбүппүт. Билигин үс Арассыыйа Дьоруойданныбыт диэн киэн туттабыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 25 Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдаахпыт, биир киһиэхэ, Михаил Михайлович Стрекаловскайга Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Аны түөрт Дьоруойданнахпыт. Итинтэн соҕотох Уус Алдан улууһуттан сэриигэ икки Арассыыйа Дьоруойа, биир Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа киэн туттар дьонноохпут.
Итини этэн эрдэхтэрэ, “дьоруойдар дьоруойдары төрөтөллөр” диэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: