«Дьоруойдар кэмнэрэ» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын каадыр бырагырааматыгар сүүмэрдиэхтэрэ
Кулун тутар 1 күнүгэр билигин сэбилэниилээх күүстэргэ байыаннай дьайыы кытыылаахтара, саллааттар уонна эпиһиэрдэрэ «Дьоруойдар кэмнэрэ» каадыр бырагырааматыгар сайаапка биэриэхтэрин сөп.
Бу бырагыраама олоххо киириэхтээҕин туһунан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар этэн турар.
«Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагыраама эмиэ биһиги атын бырагыраамаларбыт – Судаарыстыбаннай салалта үрдүкү оскуолата, атыннык «губернатордар оскуолалара» диэн ааттанар, ону таһынан «Арассыыйа лиидэрдэрэ» курдук буолуоҕа», – диэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эппитэ.
Бырагыраама соруга – судаарыстыбаннай хампаанньаларга, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнарга үлэлиир үрдүк бэлэмнээх салайааччылары бэлэмнээһин. Үөрэххэ киириэхтэрин сөп Россия гражданнара, аатыттан уонна дуоһунаһыттан тутулуга суох, салайар уонна үрдүк үөрэхтээх уопуттаах буолуохтарын сөп.
Маннык үөрэҕи аатыттан-суолуттан уонна дуоһунаһыттан тутулуга суох, үрдүк үөрэхтээх уонна салайар уопуттаах дьон буолуохтарын сөп.
Үөрэх «Сенеж» уонна Бэрэсидьиэн академиятын баазатыгар ыытыллыаҕа. Саха сирэ «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагыраамаҕа көхтөөхтүк кыттыаҕа диэн Ил Дархан Айсен Николаев эрэллээҕин биллэрдэ.
«Билигин байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттар – биһиги киэн туттар дьоммут. Бэрэсидьиэн бу уолаттарга көмөлөһүөххэ, саҥа кыахтары биэриэххэ диэбитэ. Биһиэхэ байыаннай дьайыыттан кэлбит эбэтэр онно кытта сылдьар, бу бырагыраамаҕа кытыан сөптөөх элбэх уол баар», – диэтэ Ил Дархан.
Бырагыраамаҕа кыттааччылары муус устар 8 күнүгэр 12:00 ч. (мск бириэмэтинэн) диэри регистарциялыыллар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара: https://времягероев.рф сайтка киирэн тус кэбиниэт аһыахтарын, үөрэнэргэ сайаапка биэриэхтэрин, анкета толоруохтарын, эссе суруйуохатарын наада.
Сайаапкалары көрүү уонна тургутугу ааһыы түмүгүнэн бастакы бөлөх үөрэнээччилэрэ быһаарыллыахтара.
Онлайн-туругутук 2024 с. муус устар ыйга ыытыллыа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: