Драмаҕа, киинэ сценарийыгар маастар-кылаастар буолуохтара
Муус устар 3-5 күннэригэр Дьокуускайга XXIV Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара ыытыллар. Сүбэ-мунньах үлэтэ өйүүҥҥүттэн аныгы драматургияҕа уонна киинэ сценарийын суруйууга маастар-кылаастартан саҕаланыаҕа. Бу маастар-кылаастар тэрээһин партнердара — Саха тыйаатырын кытта бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, ыытыллыахтара.
— Муус устар 3 күнүгэр күнүс 2 чаастан режиссер Любовь Борисова киинэ сценарийын суруйууга маастар-кылааһы ыытыаҕа. Кини киинэ сценариһын уонна режиссер быһыытынан Саха сирин ааттаппыт, киэҥник биллибит киһи, саха киинэтин инники күөнүгэр сылдьар биир улахан маастар буоллаҕа.
Икки сыллааҕыта, 23-с сүбэ-мунньахха драма сиэксийэтигэр бастыҥ аатын ылбыт, Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов суруйбут «Кыһыл байыас» пьесатын ааҕыы буолуоҕа. Ону сэргэ аныгы драматургия тула киэҥ кэпсэтии тэриллиэҕэ. Бу маастар-кылааһы Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай, литературнай чаас сэбиэдиссэйэ Надежда Ильина иилиэхтэрэ-саҕалыахтара.
Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын чэрчитинэн буолар маастар-кылаастарга ким баҕалаах бары, литератураны, драманы, киинэ сценарийын суруйууну кэрэхсиир улахан дьон, оҕо, ыччат, идэтийбит суруйааччылар сылдьан истиэхтэрин, элбэххэ үөрэниэхтэрин сөп, — диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов иһитиннэрдэ.
Сүбэ-мунньах эдэр ааптардарга айымньыларын биллэр суруйааччыларга аахтаран, ырыттаран, инникитин айар үлэлэригэр сүбэ-ама ылалларыгар, киэҥ эйгэҕэ биллэллэригэр көмөлөөх.
Сүбэ-мунньахха 18-40 саастаах эдэр ааптардар айымньыларын ыытан, сүүмэрдээһини ааһан, кытталлар. Кэтэхтэн түһүмэххэ айымньыларын ыытан, суруйааччылларга аахтарбыттара. Үлэлэри сиэксийэлэринэн ырыталлар: саха поэзията; саха прозата; нуучча литературата; аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литературалара; драма (сааһынан хааччахтааһын суох); оҕо литературата; кириитикэ (сааһынан хааччахтааһын суох).
Ыспыраапка: Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэрийэн ыытар. Аан бастаан сэбиэскэй кэмҥэ ыытыллар этилэр, ол эрээри, дойдуга уларыйыы-тэлэрийии буолан, 1987 сылтан ыытыллыбакка турбута. Наталья Харлампьева бэрэссэдээтэллээх сойуус 2004 сыллаахха Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын сөргүтэн, икки сыл буола-буола ыытан кэллэ. Бу кэм устата сүүһүнэн ыччат дьон кытыннылар, сүүрбэччэ киһи Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолла, кинигэлэрэ бэчээттэннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: