ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх драматург, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, САССР үтүөлээх учуутала Степан Павлович Ефремов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһин тохсунньу 16 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар буолла.
Үбүлүөйдээх тэрээһини Литература мусуойун наукаҕа үлэһитэ Ефросинья Ноговицына ыытта. Степан Ефремов туһунан ахтыылары, суруйуулары уонна сэдэх хаартыскалары таҥан оҥорбут видеотын сиһилии кэпсии-кэпсии көрдөрдө. Манна көстүбүтүнэн уонна Ефросинья Семеновна бэйэтэ тоһоҕолоон эппитинэн, билигин да чинчийиини, сиһилии үөрэтиини эрэйэр түгэннэр, хаартыскалар элбэхтэр.
Мэлдьи буоларын курдук, драматург төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан Хаҥаластан улахан дэлэгээсссийэ кэлбит. Биир дойдулаахтара, хаҥаластар, Орджоникидзевскай оройуон бочуоттаах гражданина Степан Ефремов аатын үрдүктүк туталлар, үтүө өйдөбүлү үйэтитэллэр. Кини аатынан Покровскай куорат, Улахан Аан, Булгунньахтаах сэлиэнньэлэр уулуссалара ааттаммыттара, аата Булгунньахтаах орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
Улууска волейболга С.П.Ефремов бирииһигэр оскуола хамаандаларын ортолоругар успуорт күөрэхтэһиилэрэ тэриллэллэр, Булгунньахтаах орто оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитигэр С.П.Ефремов аатынан истипиэндьийэ туттарыллар, улуус оскуолаларын үөрэнээччилэригэр “Ефремовскай ааҕыылар” тэриллэллэр. Ону сэргэ суруналыыстыка эйгэтигэр С.П.Ефремов аатынан улуустааҕы бириэмийэ олохтоммута.
Тэрээһин кыттыылаахтарын ортолоругар тыйаатыр эйгэтиттэн кэлбит ыалдьыттар элбэхтэр. Ол мээнэҕэ буолбатах. Степан Ефремов өрөспүүбүлүкэҕэ тыйаатыр ускуустубата сайдарыгар драматург-суруйааччы (1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ) уонна Саха сиринээҕи мусукаалынай-дыраама тыйаатырын дириэктэрин быһыытынан тугунан да сыаналаммат улахан кылаатын киллэрбитэ. Оччотооҕу кэмин ойуулуур 20-тэн тахса пьесаны суруйбута. Кини суруйбут пьесалара Саха тыйаатырын, тыа сирин култууратын дьиэлэрин сыаналарыгар туруоруллубуттара уонна көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыттара. Кини пьесалара билигин даҕаны суолталара сүппэт буолан, норуодунай тыйаатырдар көрдөрөллөр.
Саха тыйаатыра “Ини-бии”, “Хардыылар”, “Киирик кэргэттэрэ”, “Хобороос хоһооно”, “Иэс”, “Күтүөттэр”, “Чуумпу кытыл”, “Лэкиэс”, “Куорат кыыһа” испэктээктэри туруорбуттара. “Ини-биини” 1934-35 сс., 1937-38 сс., 1952-53 сс, 1966-67 сс., 1975-76 тыйаатыр сезонугар көрдөрбүттэрэ.
Саха тыйаатырын режиссера Андрей Борисов, тыйаатыр дириэктэрин солбуйааччы Анатолий Николаев, СӨ норуодунай артыыстара Зоя Багынанова, Михаил Семенов уо.д.а. истиҥ ахтыылары оҥордулар.
Андрей Борисов:
-Бүгүн манна суруйааччылар, интэллигиэнсийэ, Степан Павлович чугас дьонноро мустан олороргут литература билиҥҥи туругун, инники кэскиллээҕин көрдөрөр. Наһаа сырдык киһи этэ. Учууталым Степан Павлович пьесаларын оҕо эрдэхпиттэн көрбүт-истибит эбиппин. Кини Саха тыйаатырыгар, бастатан туран, драматург быһыытынан сабыдыала улахан, кини суруйуулара билигин да суолталаахтар (актуальнайдар). Суруйааччы быһыытынан сыаннаһа итиннэ сытар. Билигин актуальнай тиэмэҕэ суруйар киһи аҕыйах, хайдах эрэ былыргыны, устуоруйаны хасыһан тахсар курдуктар. Бүгүҥҥү кэми, чуолаан драматургияҕа суруйар уустук буолуо. Үксүгэр “кини бэйэтин бириэмэтин суруйааччыта, билиҥҥи бириэмэҕэ сөп түбэспэт” диэн сыана быһыы элбэх буолааччы. Ол гынан баран, бу бүгүн олорон иһиттэхпинэ, Степан Ефремов айымньылара классическай курдуктар. Онон бүгүн Степан Павловиһы чиэстээһиммит литература салҕанан бара турарын көрдөрөр.
Михаил Семенов:
-Мин III Малдьаҕарбын. Степан Павлович мин ийэбин балтым диэн ыҥырарын элбэхтик истибит киһибин. Степан Павлович миигин 3-4-с кылаастарга Булгунньахтаах орто оскуолатыгар нуучча тылыгар үөрэппитэ. Кини миэхэ наһаа сырдык, үчүгэй эрэ өйдөбүлү хаалларбыт киһи. Кини оҕото Василийдыын Улахан Ааҥҥа үлэлии сылдьар кэмигэр талаҕы миинньэн, Чапай буолан элбэхтик сүүрбүппүт-көппүппүт. Вася улаатан баран быраас буолбута, наһаа үчүгэй сымнаҕас майгылаах уол, үөрэҕэр наар үчүгэйдик үөрэммитэ.
Степан Павлович, этэллэрин курдук, номоҕон көрүҥнээх, уһун уҥуохтаах, былыргы саҥа үөскээн эрэр саха интэллигиэннэригэр майгылыыра, төгүрүк ачыкылаах буолара. Ити курдук наһаа сымнаҕас киһи өйдөбүлүн хаалларбыта.
Бүгүн чиэстии олороргутуттан улаханнык үөрдүм. Кини пьесаларыттан билигин да туруорга сөптөөх испэктээктэр бааллар. Ону Саха тыйаатыра хайаан да туруоруо диэн эрэнэ саныыбын. Манна кэлбиккиигэр барыгытыгар махтанабын, — диэн туран Семен Данилов “Сахам тыла” хоһоонун дорҕоонноохтук аахта.
ххх
Степан Павлович Ефремов Арҕаа Хаҥалас III Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сотору кэминэн төрөппүттэрэ Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. Степан 1914 сыллаахха миссионердар оскуолаларыгар, онтон 1916-1919 сылларга Преображенскай церковнай-приходской оскуолаҕа, Дьокуускай куораттааҕы үрдүкү начаалынай оскуолаҕа үөрэммитэ.
Кини эдэр сааһыттан кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит дьону кытары чугастык билсибитэ, ону сэргэ сыылынайдар Емельян Ярославскай, Григорий Петровскай, большевиктар Максим Аммосов, Платон Ойуунускай этиилэрин, дакылааттарын истибитэ.
Онтон 1919 сыллаахха төрөппүттэриниин төттөрү дойдуларыгар төннөннөр, Өктөм 2 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ, оройуоҥҥа бастакынан хомсомуолга, кыһыл дружинаҕа киирбитэ. Илиитигэр саа тутан саҥа сэбиэскэй былааһы көмүскээбитэ.
Гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттыһан барбыта.
1924 сыллаахха “Үлэһит түүлэ” диэн бастакы пьесатын суруйбутун “Саха омук” кулуубугар туруораннар улахан биһирэбили ылбыта. Кини 1925 сыллаахха Серафим Кулачиков-Эллэйи, Николай Павлов-Тыаһыты кытары “Кыһыл сулус” диэн литературнай-уопсастыбаннай куруһуогу тэрийбиттэрэ. Онно тахсан эрэр эдэр суруйааччылар көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Степан Ефремов эдэр көлүөнэни иитиигэ уонна үөрэтиигэ улахан кылааттаах. Иркутскайдааҕы рабфагы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Кини – САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, РСФСР уонна САССР Үрдүкү сэбиэттэрин Бочуотунай грамоталарынан, ССРС мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Суруйааччылар Бүтүн Сойуустааҕы 5-с сийиэстэрин дэлэгээтэ, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
1983 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр сүн сириттэн барбыта.
Айымньылара:
“Эстибит эргэ, сандаарбыт санаа”, “Ини-бии”, “Хардыылар”, “Өстөөхтөр”, “Ини-бии”, “Талыллыбыт пьесалар” кинигэлэрэ, “Хардыылар: драмалар” уо.д.а.
Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…
Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…
Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…
Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах…
Кириһиэнньэ кэмигэр, тохсунньу 18-19 күннэригэр, таҥара дьиэтигэр иһиттээх тиийэн сибэтиэй ууну ылыы, чардаат алларан ууга…
Москваҕа РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы - РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук…