ДСК оскуолата үөрэҕирии, иитии-үөрэтии киининэн буолуоҕа

Share

Кэнники сылларга национальнай бырайыактарынан олус элбэх социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Аҥардас аныгылыы оҥоһуулаах таас оскуолаларбытын да ылан көрдөххө, баһаам.

Дьокуускай куорат ДСК түөлбэтигэр, 153 кыбаарталга, Иван Кульбертинов аатынан уулуссаҕа 990 миэстэлээх оскуола эмиэ «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан тутулла турар. Тутуу 2022 с. саҕаламмыта, сүрүн бэдэрээтчит «РФА-Инвест» Инвестиционнай-үп хампаанньата» АУо буолар. Оскуола быйыл күһүн, 4-с кыбаарталга үлэҕэ киириэхтээх.

«Тутуу уопсай иэнэ 17 128,9 м2, бэлиэтээн эттэххэ, бу оскуола «Прометей» түөлбэтигэр баар оскуолаттан 4000 кв.м улахан. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэккэ 200 киһи үлэлии сылдьар. Ис өттүн оҥоро сылдьабыт, тутуу 62% бэлэм диэххэ сөп. Бу нэдиэлэттэн иһинээҕи ааннары туруоруу, кырааскалааһын, линолеум тэлгээһин, о.д.а. үлэлэр саҕаланнылар. Аны күһүн сэтинньи 30 күнүгэр эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Билиҥҥитэ кыраапыктан хойутааһын суох», — диэн «РФА-Инвест» Инвестиционнай-үп хампаанньата» АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Поисеев кэпсээтэ.

Оскуолаҕа доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго сөптөөх эйгэни тэрийиинэн, хас биирдии үөрэнэр кылааска биирдии миэстэҕэ кириэһилэ-кэлээскэ, киирэр ааҥҥа пандус, лифт баар буолуо. Оскуола тиэргэнигэр успуорт уонна оонньуур былаһаакка оҥоһуллуо, газон, от-мас олоруо.

Уопсайа 990 оҕо үөрэниэ. 3 этээстээх оскуолаҕа  33 кылааска 30-туу оҕо үөрэнэрэ былааннанар. 540 миэстэлээх остолобуой, мэдиссиинэ блога, икки успуорт саалата, 288 миэстэлээх аактабай саала, хореографическай саала, 90 миэстэлээх ааҕар сирдээх бибилэтиэкэ, 27 миэстэлээх информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан дьарыктаныы зоната, кинигэни харайар сир, уолаттарга уонна кыргыттарга тус туһунан үлэ уруогун мастарыскыайа, рекреация хоһо, коворкинг-киин, кыһыҥҥы саад, интерактивнай түмэл, IT-технология кэбиниэтэ, алын кылаастарга оонньуур кэбиниэт, о.д.а. баар буолуохтара. Аныгы оскуола үөрэҕирии, иитии-үөрэтии киининэн буолуоҕа.

Оскуола үөрэх бырагыраамата бириэмэ ирдэбилигэр эппиэттиир. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах бэлэмнэнии бөлөҕө, алын кылаас оҕолоругар уһатыылаах күн бөлөҕө аһыллара былааннанар. Эбии үөрэхтээһин бырагырааматынан айар кэллэктииптэр, туристар кулууптара, оскуола медиа-киинэ, түмэлэ, добровольчество киинэ, спортивнай кулууптар, оскуола тыйаатыра аһыллыахтара.

Сайаана Львова хаартыската
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago