Дугуйдан 20 хонук устата тоһуттар тымныыга аһаҕас халлааҥҥа хонор айаҥҥа турунуоҕа!
2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын улуус олохтоохторо олох уратытык, сонун сүүрээннэри киллэрэн ыытар соруктаахтар.
Биир оннук киһини соһутар, өйтөн-санааттан сүппэт холбоһуктаах бырайыагы Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын уонна улуустааҕы дьаһалта салалталара толкуйдаатылар. Бу туһунан уопсастыба биир сүрүннүүр түһэ Егор Борисов бэҕэһээ Өймөкөөн 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин төрөөбүтэ 185 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт Ил Түмэҥҥэ буолбут Дьокуускай куорат уонна Өймөкөөн улууһун уопсастыбаннаһын мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Ол эһиил Тымныы полюһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Дугуйдан Винокуров «Улуу дьоммут суолларынан» диэн кыһыҥҥы айаҥҥа Магадан уобалаһын Сэйимчээнигэр айаҥҥа турунаары сылдьарын туһунан.
Ол эбэтэр Дугуйдаммытыгар аны Ньукулай Кырбаһааҥкын атыыһыт уонна саха бөлөһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй былыр үйэҕэ айаннаабыт суолларынан Өймөкөөнтөн 800 км ыраах Сэйимчээҥҥэ тиийэр сорук турар. Бу Ил Түмэн мунньаҕыттан устубут видеоматырыйаалым аҕыйах чаас иһигэр өрөспүүбүлүкэни соҕотохто тилийэ көттө! Онон Өймөкөөн Дугуйдана Саха сирин брендэ буолла диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
— Уолбут Өймөкөөҥҥө тымныы саамай оройугар — олунньу саҥатыгар айаннаары бэлэмнэнэн эрэр. Икки атынан айан 20 хонук устата барыаҕа. Аҕата Семен Львович уолугар бэлэмнээн, икки ааттаах аты тутан баайан эрэр.
Саамай ыарахана — айан массыына суох сиринэн былыргы суолунан барар. Маршруппутун үөрэтэн эрэбит. Иккис уратыта – 20 хонук устата Дугуйдан балааккаҕа киирбэккэ, таһырдьа аһаҕас халлаан анныгар хоно сылдьыахтаах. Онон саха киһитэ Ийэ айылҕа оҕото буоларын өссө төгүл бигэргэтиэхтээх. Онон Дугуйдаммыт тулуйуом диэн бэйэтин холонон көрө сылдьар. Биһиги улуус баһылыга Иннокентий Сивцевы кытта сүбэлэһэн баран, нууччалыы сахалыы барыл суруйдубут. Сүрүн сорукпут — айан туһунан, онно аам-даам тымныыга саха киһитин уонна саха атын тулуурдарын туһунан киинэ устуута. Операторбыт — Дмитрий Никонов. Бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө меценат-атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын олорбут өтөҕөр тиийэ сылдьан, анаан алгыстанан кэллибит. Дугуйдан Москваҕа сырыытын алгыы сылдьыбыт, киниэхэ бары өйөбүлү оҥорбут, Өймөкөөн улууһун кыраайы үөрэтээччитэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданина Тамара Васильева анаан алгыс сиэрин-туомун толордо, кэс тылларын тиэртэ.
Киинэ икки улуу киһи олохторун суолун ойуулуохтаах. Олоҥхо биир сүрүн дьоруойа — Бухатыыр сылгыта. Бу саха сылгыта. Онон ол дьоруой Өймөкөөн сылгыта буолуохтааҕын туһунан бу киинэ кэпсиэҕэ.
Дугуйдан аҕата Семен Львович диэн, дьэ, киһини сөхтөрөр киһи эбит! Көр эрэ, доҕоор, уулаах биэни көрөн туран, «бу биэ оҕото атыыр дуу, тыһы дуу буоларын» чуо кини этэн биэрдэ.
Уонна миэхэ «аны саас маны кэлэн көрөөр: сөпкө эппиппин дуу, суох дуу…» Көр, туох да «УЗИ май» наадата суох. Оннук сылгыны өтө көрөн билэр киһи.
Өймөкөөн сылгытын бэрт элбэҕи кэпсээтэ. Саха сылгытын уратытын туһунан үгүһү билэн, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Былырыын Олоҥхо ыһыаҕар кылаан чыпчаалы ылбыт олоҥхоһут Афанасий Поповтан «саха сылгытын олоҥхоҕо хайдах хоһуйалларын бүтүннүү биһиэхэ хоһуйан кулу» диэн көрдөстүбүт. Ону «толкуйдуом, үөрэтиэм, уустук сорудаҕы биэрдигит» диэтэ. Бу айан табыллан, барыта эриэ-дэхси буолан, силигин ситтэҕинэ, «Аан дойду рекорда» диэн кинигэҕэ киирэр кыахтаахпыт. Эттэххэ эрэ дөбөҥ. Мээнэ киһи кыайбат айана. Киһитэ Дугуйдан буолан сананан эрэр, —— диэн бэлиэтээтэ ытык киһи Егор Борисов.
… Онон Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Тымныы полюһун олохтоохторо «Өймөкөөн сылгытын өрө тутуохпут» диэн бэрт сонун сүүрээни олоххо киллэрэргэ былааннаатылар. «Ити бастакы киһини соһутар улахан бырайыакпыт. Өссө да кэккэ толкуйдар бааллар, сыыйа биллэрэн иһиэхпит» дииллэр өймөкөөннөр.
Егор Егорович бу айан туһунан бэрт элбэҕи кэпсээтэ, кэпсииһи даҕаны. Ол иһин анаан болдьоһон, «Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр бу айан туһунан сиһилии кэпсэтиибитин бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыахпыт. Онон «Саха сирэ» хаһыаты ааҕардыы оҥостуҥ, күндү ааҕааччыларбыт.
Социальнай ситимнэргэ бу күннэргэ киэҥник тарҕана сылдьар видео — ааптар Елена Потоцкая Ил Түмэн мунньаҕар буолбут мунньахтан устуута.
Хаартыскалар — Егор Борисов тиксэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: