Дугуйдан дьиэ кэргэнэ
Ыам ыйын 15 күнэ — Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн хорсун айанньыт, сылгыһыт Дугуйдан Винокуровтыын кини дьиэ кэргэнин туһунан кэпсэтиибитин таһаарабыт.
Хоту дойду хоһууна Дугуйдан Винокуров балтараа сылы быһа саха атынан уонча тыһыынча биэрэстэни айаннаан, 17 эрэгийиэни уҥуордаан, номоххо киирэр сырыытын түмүктээн баран, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр кэлэн ыалдьыттаата.
— Дугуйдан, бу кэм устата айаны кэтээн көрө олорон, мин биири ыйытыахпын баҕарбытым. Бу балтараа сылы быһа дьонуҥ эйигин ыытан кэбиһэн баран, хайдах бэйэлэрэ эрэ олордулар?
— Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх кэпсэтии, өйдөһүү түмүгэр быһаарыы ылынан, биир сүбэҕэ тиийдэхпит дии. Этэҥҥэ олоруохтара диэн эрэллээх этим. Бэйэлэрин эрэ соҕотохтуу хааллардым диэн санаарҕаабатаҕым, эбэлэрэ, эһэлэрэ күүс-көмө буолуохтара диэн эрдэттэн сүбэлэспиппит.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр ыал буолбуппут 11 сылын туолар. Кэргэним Катерина сиэстэрэ, балыыһаҕа үлэлиир. Кыыспыт Диана 11 саастаах, уолбут Дархан 9-таах. Биһиги ыал куоракка көһөн кэлбиппит син ыраатта. Оҕолорбут Үөһээ Бүлүү Намыгар эбэлэригэр олорон үөрэнэллэр. Ийэ кынным Анна Аркадьевна үтүөлээх учуутал, биһиги атахпытыгар турарбытыгар элбэхтик көмөлөспүт киһи. Билигин Дархан кылааһын салайааччыта.
— Оччоҕо олох да үс сиринэн арахсан олорбут эбиккит дии. Билигин бары бииргэ буолаҕыт?
— Үгүс эдэр ыаллар курдук, тыа сиригэр үлэ, дьиэ суох буолан, куоракка кэлбиппит. Манна да куортамнаан, элбэхтик көһө сылдьыбыппыт. Былырыын, дьэ, кыбартыыра атыыласпыппыт. “Прометей” оскуолата аһылыннаҕына, оҕолорбут үөрэниэхтэрэ. Уолум көҥүл тустуунан дьарыктанар. Бүлүү умнаһын улуустарын чөмпүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ призера. Дьарыктаммыта биир сыл буолла. Кыыһым үҥкүүгэ сылдьар. Олоҥхо Ыһыаҕар кыттан, түһүлгэни киэргэппитэ.
Оҕону иитиигэ улаханнык куоттардыбыт дии санаабаппын. Куруук кинилэргэ барабыт, каникул аайы кэлэллэр. Уолбунаан Өймөкөөҥҥө оттуу, бултуу барабыт, бары онно сайылыыбыт. Күһүн, кыһын, саас эмиэ онно кэлэ-бара сылдьабын, аҕабар көмөлөһөбүн. Таксилыыр, туризмынан дьарыктанар этим.
— Сылгыһыт, булчут киһи, эн куоракка кэлэн тэһийэҕин дуо?
— Бастаан ыарахан этэ. Тыыныҥ-быарыҥ хаайтарар, наар бириэмэ сырсыыта ыгар. Онтон киһи син биир үөрэнэр. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр харамай. Сатаабаппын диэн баран, туруо суохтаах.
Оҕону иитии уратылара
— Дархаҥҥа бу айана тугу биэрбитэ буолуой?
— Элбэх үөрүүнү, умнуллубат түгэннэри биэрдэҕэ. Хаһан да көрбөтөх куораттарын, сирдэрин көрдөҕө. Ону-маны ыйытар аҕай этэ. Дьон бары кинини таптыыр, кэпсэтэр, улахан болҕомто ортотугар сылдьыбыта. Москваҕа улахан көрсүһүүлэргэ толлон турбакка, бэйэтэ кэпсэтэн, быһаарсан сылдьарын, дьон астынар этэ.
Айаны тулуйуо диэн бигэ эрэнэрим. Кыра эрдэҕиттэн тыаҕа сылдьа үөрүйэх оҕо. “Оҕом сылайда, сынньан, бэйэм оҥоруом” диэбэт этим. Уһун күнү быһа ыҥыырга олорон, тэҥҥэ айаннаан кэлээт, сыппат-олорбот, балааккатын тардан, аһын-үөлүн бэлэмнээн барара. Уол оҕону аҕата илдьэ сылдьан, бэйэтин холобурунан үөрэтэр. Киниэхэ бу айан олоҕор умнуллубат уруок буолбут буолуохтаах.
— Оттон кыыһы иитии уратылаах дуу?
— Кыыһы атаахтатан, таптаан иитиэххэ наада. Барытын көҥүллээн, төбөҕө таһааран диэн буолбатах. Атаахтатыы диэн – тапталгын көрдөрүү. Кыыс оҕо аҕатыгар бастакы миэстэҕэ турара буолуо. Мин кыыспын уолбунааҕар атаахтатабын.
Оҕону мөх да мөх буоллахха, өсөһөр. Кыратык атаахтатан, доҕордуу курдук буоллахха, оҕо аһыллар, итэҕэйэр. Оҕо син биир мөҕүллэр, ону тута ыйытабын: “Билэҕин, туохтан мөҕүллүбүккүн?” Холобур, мөҕөөт да, аһынан, атаахтатан бардахха, кини буруйун билиммэт, билбэт. Онон туохтан мөҕүллүбүтүн быһааран биэрэҕин, үчүгэй-куһаҕан диэни араараҕын. Мөҕөн баран, кыра бириэмэҕэ оҕону тыыппаккын, сырыттын, толкуйдаатын.
— Кэргэниҥ эн саамай өйүүр киһиҥ?
— Оннук. Бу айаҥҥа элбэх долгуйууну ааспыт киһи кини. Ойохпор наһаа махтанабын, өйдөөн, өйөөн, хас биирдии тылбар сөпсөһөн, бу барыта табылыннаҕа. Онон икки өттүттэн толору өйдөһөбүт. Дьиэ кэргэн биир ситим, биир киһи, биир хамаанда курдук буолуохтаах. Тэҥ толкуйдаах, идиэйэлээх, биир өйдөбүллээх. Кини тугу да оҥордун, эн өйүөхтээххин, эн тугу да оҥор, кини эмиэ өйүөхтээх.
Иркутскайга дьонум кэлэн, Саҥа дьылы көрсүбүппүт. Онтон Новосибирскайга, Казаньҥа, Москваҕа кэлэ сылдьыбыттара. Москваҕа дьиэ кэргэнинэн ый кэриҥэ сырыттыбыт. Улахан куораты көрөн, күүлэйдээн, сынньанан, наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт. Бары көмөлөспүт дьоҥҥо наһаа махтанабын…
Саха буоларбынан киэн тутуннум
— Оҕолоргун иитэргэр ханнык быраабылалары тутуһаҕын?
— Урукку кэмҥэ холоотоххо, билигин оҕону иитии кытта уларыйда, ыараата. Аныгы кэмҥэ интэриниэт дьайыыта улахан. Барытын дьүөрэлиэххэ наада. Холобур, төлөпүөнү былдьаан ылар кыаҕыҥ суох: оҕо син биир олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах. Ол быыһыгар мөҕүттэбит: “Төлөпүөҥҥэ киирэн баран сытаҕын, тугу да гыммаккын” диэн. Итини хайдах эрэ дьүөрэлээн, ортотун булан иитэр үчүгэй дии саныыбын.
Ол иһин дьиэ иһигэр быраабыла олохтуубун: бачча чаас төлөпүөннүүгүн, онтон дьиэ үлэтин оҥороҕун, бу кэмҥэ күүлэйдиигин диэн. Үөрэҕэр уонна дьарыгар бириэмэтин аттаран, кыраапык оҥорон биэрэҕин. Оччоҕо дьиссипилиинэлэнэр, бэрээдэктэнэр.
Билигин оҕолору спорт өттүгэр сыһыарыахха наада. Спорт киһи майгытын хатарар. Оттон спорка сыстыбатах оҕолор бэйэлэрин истэригэр хаайтаран хаалаллар. Үгүс эдэр төрөппүт, оҕото ытаата да, төлөпүөнү туттаран кэбиһэр. Ити, дьиҥэр, киниэхэ элбэх бириэмэни биэрэр, ол эрэн, оҕоҕун туохха да үөрэппэккин, кэпсэппэккин. Оҕо уоскуйан, бэйэтэ-бэйэтигэр олорор. Онтон сылтаан, бэйэтигэр хаайтаран барар, төбөтүн иһигэр туох-туох буккуллуу барара буолла?
Бары нууччалыы, омуктуу саҥараллар, онон төрөөбүт тылын умнан барар. Ханнык да тылынан бэйэтин санаатын кыайан эппэт буолар, буккуллан хаалар. Мин санаабар, итиннэ “төлөпүөн иитиитэ” улаханнык оҕуста. Онон оҕолорбор биир быраабылам: “дьиэҕэ кэллигит да, сахалыы эрэ саҥараҕыт” диэн. Таһырдьа тахсан, дьэ, нууччалыы саҥарыҥ, тоҕо диэтэр, нууччалыы, омуктуу эмиэ кэпсэтэ үөрэниэххэ наада диибин.
Биһиги көлүөнэ тылбытын биэрбэтэхпитинэ, оҕолорбут онтон кэлэр көлүөнэҕэ тугу да тиксэрэллэрэ суох буолуо. Маннык тэтиминэн бардахха, 2-3 көлүөнэнэн баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит тылбыт сүтэр. Сахалыы тыллаах буоллаххына, эн омук быһыытынан тирэхтээх буолаҕын. Бэйэтэ тыллаах омук таһыма үрдүүр, култууратын илдьэ хаалар. Айаннаан иһэн, национальнай да өрөспүүбүлүкэлэргэ дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, олус сөҕөллөр этэ: “Бары сахалыы эрэ саҥарабыт, оскуолаҕа сахалыы үөрэтэбит, бары улуустар өйдөһөбүт” диэн. Кинилэргэ бу суоҕуттан бэйэм сөҕөрүм.
Эр киһи мөлтөөтөҕүнэ, норуот мөлтүүр
— Билиҥҥи кэмҥэ эр дьон мөлтөөтө, дьахтар өрө таҕыста дииллэр. Эн санааҕар, аныгы саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?
— Аан дойду үрдүнэн эр киһи айылҕаттан бэриллибит дьиҥнээх дьарыгыттан тэйдэ, оруола уларыйда. Урукку курдук кини булчут-балыксыт, сэрииһит, дьиэ кэргэнин аһатар булааччы-талааччы буолбатах. Барытыгар хааччах элбэх.
Аныгы эр киһи ойоҕун кытары иһит, таҥас сууйан, дьиэ да хомуйан тэҥҥэ үлэлиэхтээх дии саныыбын. Иккиэн тэҥҥэ үлэлииллэр, харчы өлөрөллөр, ол кэнниттэн ойоҕо кэлэн эбии үлэлиир: ас астыыр, дьиэ хомуйар, оттон эр киһи “дьахтар үлэтэ” диэн баран сытыахтаах дуо? Мин дьиэ да хомуйабын, ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Ол гынан, дьахтартан баттанным дии санаммаппын.
Эр киһи санаатынан да, эт-хаан өттүнэн да быдан күүстээх, тулуурдаах. Ол иһин дурда-хахха, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолар буоллаҕа. Эр киһи үчүгэй туруктаах буоллаҕына, дьиэ кэргэҥҥэ барыта үчүгэй буолар. Дьиэ кэргэн нус-хас олохтоох, сарсыҥҥыга эрэллээх буоларын барытын эр киһи оҥорор. Онно үчүгэй, өйдүүр дьахтар баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн биир организм курдук үлэлиир. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин оруолларын толороллор.
Дьахтар син биир эр киһи оруолун толорбот, бу айылҕаны утары барыы буолар. Онон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр, өйөһөн-өйдөһөн олоруохтаахтар. Эр киһи мөлтөөтөҕүнэ, норуот эмиэ мөлтүүр.
“Биһигини уратытык ииппиттэрэ”
— Бу айаҥҥа ийэлээх аҕам кылааттара эмиэ баар. Барыбытын сылгыны таптыырга үөрэппиттэрэ, маннык айаны кыайарга ииппиттэрэ. 4 саастаахпар Өймөкөөнтөн Хабаровскайга атынан илдьэ бара сылдьыбыттаахтар.
Дьэ, аҕабар тиийэн, эппитим: “Мин бардым. Миэхэ икки ат наада”. Аҕам: “Ханна бардыҥ?” Мин: “Таах, Москваҕа дьаарбайа, ханна тиийэн тохтуурбун билбэппин”. “Быһаарыммыт киһи бардаҕыҥ” диэн буолбута. Үчүгэйэ диэн, дьонум киһи тус олоҕор кыттыспаттар, төбөлөөххүн, бэйэҥ билэҕин дииллэр. Айан кэмигэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэ турбуппут. Ийэм долгуйара, аҕам ыйытыыта: “Аттар хайдахтарый?” диэн буолара.
Биһигини букатын атыннык ииппиттэрэ. Оҕо эрдэхпинэ, аҕам миигин хаһан да сыллаабатаҕа, ымманыйбатаҕа. Билигин да илии тутуһан эрэ дорооболоһобут. Ол курдук атаахтаппат этэ, ол оннугар атыннык – көмпүүтэр, массыына бэлэхтээн атаахтатара. Эн үлэҕин сыаналыыр, оччоҕо өссө кыһаллан, үчүгэйдик оҥороҕун.
Ыарахан түгэҥҥэ түбэстэхпинэ, толкуйдуубун: аҕам хайыа этэй, ийэм туох диэҕэй? Маннык гыннахпына, ийэлээх аҕам үөрүөхтэрэ диэн баран, быһаарынабын. Аҕам ханна да тиий, барытыгар махтана сырыт диэн үөрэтэрэ: айылҕаҕар, уоккар, күҥҥэр, дьоҥҥор…
Киһи сатаабата суох диэн өйдөбүлү күүскэ иҥэрбитэ. “Сылайдым” диэн тылы букатын абааһы көрөр. Истэн турдаҕына, хаһан да итинник диэччибит суох. Киһи бэйэтин аһыммыта буолан, сатаабаппын, сылайдым диэн бэйэтин мөлтөтөн кэбиһэр. Ылсан истэххинэ, барыта табыллан иһэр ээ. Онон ийэлээх аҕам үөрэппиттэрин оҕолорбор тиэрдэргэ кыһаллабын. Утум салҕанар…
Хаартыска: Александр Ильин уонна суруйуу дьоруойун архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: