Дугуйдан Винокуров хаартыскалара Владивостокка быыстапкаҕа туруорулуннулар
«Дальний Восток – земля приключений» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус бастакы сезонун финалиһа, Өймөкөөн сылгыһыта, аатырбыт айанньыт Дугуйдан Винокуров хаартыскалара Владивостокка аэропорка уонна киин болуоссакка туруорулуннулар.
Дугуйдан Винокуров «От Полюса холода до Белокаменной» эспэдииссийэ кыттыылааҕа уонна Өймөкөөнтөн Магадан Сеймчээнигэр диэри кыһыҥҥы тымныыга атынан айаннаабыт экстремал-айанньыт быһыытынан биллэр.
«Бу айаммынан мин кыһыҥҥы кэмҥэ айаҥҥа саха атын тургутуу, кини кыаҕын, күүһүн көрдөрүү этэ. Мин саныахпар, ол барыта табылынна», – диэн Дугуйдан этэр.
Былырыын Өймөкөөн сылгыһыта Дугуйдан Винокуров «Дальний Восток – земля приключений» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус призерунан буолбута. Куонкурус кыайыылаахтарын «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум кэмигэр наҕараадалаабыттара.
Куонкурус Уһук Илин уокуругар Бэрэсидьиэн бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин, Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы корпорациятын, «Фонд развития социальных инициатив» уопсастыбаннай түмсүү көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.
«Куонкурус сүрүн сыала — Уһук Илин ураты кэрэ сирдэрин дойдубут олохтоохторугар киэҥник билиһиннэрии. Хайдахтаах да киинэлэр уһулуннуннар, киһи бэйэтэ сылдьан, көрөн-истэн устубутун, дууһата өрүкүйбүтүн үллэстибитин туох да солбуйбат. Маннык айаннар киһини сайыннараллар, айылҕалыын алтыһыннаран, дууһатыгар кэрэни кэрэхсиир кылын таарыйаллар, өйүгэр-санаатыгар сотуллубаттыы иҥэн хаалаллар. Онон Уһук Илиҥҥэ дьон интэриэһин тардыахпытын баҕарабыт», –диэбитэ Юрий Трутнев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: