Дугуйдан ыраах айанын таҥаһа хайдах тигиллибитэй?

Share

Бу күннэргэ Таатта улууһун норуот маастардара Туора Күөлтэн Изабелла Элякова, Ытык Күөлтэн Клара Читаева, Уолбаттан  Мария Басова экстремал айанньыт, Өймөкөөн улууһун сылгыһыта Дугуйдан Винокуровка ыраах кыһыҥҥы айаҥҥа турунарыгар тирии таҥаһы  тигэн бэлэх ууннулар. 

Сылгыһыт кыһыҥҥы таҥаһыгар чубуку, таба, тайах тириилэрэ туттуллубуттар.

Сотору ыраах айаҥҥа турунуохтаах Дугуйдан Винокуров санаатын маннык үллэһиннэ:

— Дойдубар Өймөкөөҥҥө тохсунньу ортотугар барыам. Олунньуга Дьэкэйтэн  Магадаан уобалаһыгар айаҥҥа турунуом. Бу күннэргэ Тааттаҕа баран кэллим. Онно норуот маастардара бэйэлэрэ кыһыҥҥы таҥас тигэн бэлэх ууннулар. Кэрэхсэбиллэҕэ баар, миигин видеоттан көрөн, быһа холуйан тикпиттэрэ, оруобуна сөп түбэстэ. Урут кыра сырыттахпына дьонум итинник тирии таҥаһынан таҥыннара сылдьыбыттарын өйдүүбүн. Таатта иистэнньэҥнэригэр ыраах айаммар олус наадалаах бэлэҕи утары ууммуттарыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин!

Таатта улууһун норуот маастара Клара Читаева Дугуйдаан ыраах айаҥҥа турунар таҥаһын хайдах тикпиттэрин бу курдук кэпсээтэ:

Мин куруму этэрбэһи тикпитим. Уолба иистэнньэҥэ Мария Басова үтүлүктэри, биир сонун саһыл тириитинэн истээбитэ.

Буут сымсатыгар диэри куруму этэрбэскэ барыта 16 таба тыһа барда.  Изабелла Элякова бэйэтэ булан ыыппыта. Уопсайынан, Изабелла Иннокентьевна сылыгыһыт кыһыҥҥы сонун эрдэттэн тигэн саҕалаабыта.

Онтон уолбут Москванан эрэ айанын тохтотуо суоҕа, кыһыҥҥы айаҥҥа турунара буолуо диэн эрдэттэн бэйэбит тигэн атын таҥастары  эбии тигэн саҕалаабыппыт. Изабелла Элякова «үспүөйдүө суохпун» диэн биһигини кытыннарбыта. Бу иннинэ кини биһигини Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын устар киинэҕэ кыһыҥҥы таҥастары тигиигэ кытыннарбыта. Бу таҥастарбыт сахалар олох былыргы 18-с үйэтээҕи үлэлэрин ньыматынан тигилиннилэр. Барыта илии үлэтэ. Аҥадас этэрбэһигэр олох сахалыы уктас, кээнчэ, угунньу, кураанах от, онтон эмиэ угунньу угуллар, быһата, баллаҕар киэҥ этэрбэс буолла. Таҥастарбытын тигэ сылдьан, Дугуйдан курдук уолаттары уулуссаҕа аара тохтото-тохтото киллэрэн, кэтэрдэн көрө-көрө тикпиппит. Хата, уолбутугар оруобута уурбут-туппут курдук сөп түбэстэ. 

Дугуйдаҥҥа тикпит таҥаспыт батсаапка тарҕанаатын кытта, эр дьон «сылгыһыкка эрэ маннык таҥас наада дии саныыгыт да, биһиэхэ, таһырдьа үлэлиир дьоҥҥо, эмиэ итинник таҥас наада» диэн сакаас оҥорон, суруйан эрэллэр. 

Бу күннэргэ Таатта улууһугар Чөркөөх музейа тэриллибитэ 45 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, саха дьоно киэн туттар уолбутугар Дугуйдаҥҥа Магадааҥҥа барарыгар тикпит  таҥаспытын дьон көрдөһүүтүнэн, аҕыйах хонукка түмэлгэ туруора түһэргэ сананныбыт. Онон уолбут таҥаһын мусуойга кэлэн кэтэн көрдө, олус астынна. Айанныырын саҕана түмэлтэн хомуйан, таҥаспытын  Тымныы полюһа  Өймөкөөн сылгыһытыгар тиксэриэхпит. 

Дьэ, онон сотору кэминэн бүтүн Саха сирэ Таатта иистэнньэҥнэрэ тикпит таҥастарын кэтэн, аһаҕас халлаан анныгар хоно сылдьар Дугуйдан Винокуров айанын кэтээн көрүөхпүт турдаҕа. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

15 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago