Дьуһуурунай борокуруор: 9 мөл. солк. кэриҥэ суума харчы уоруллубут
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
Бүлүү оройуонугар 1964 с.т. эр киһи ыарахан эчэйиини ылбыт, буруйданааччы дьахтар тутуллубут. Дьокуускай куоракка уоруу туһунан сайабылыанньалар киирдилэр, ол иһигэр баан счетуттан 2,6 мөл. солк. тахса суумалаах харчы уоруллубут. Дьокуускайга түөкүннээһин 2 чахчыта регистрацияланна, ол иһигэр 1962 с.т. дьахтартан 5,9 мөл. солк. тахса суумалаах уоруу оҥоһуллубут.
Дьокуускай куоракка итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбут икки киһи тутулунна, ону кытта икки суоппар сымыйа дастабырыанньалаах сылдьар түбэлтэлэрэ быһаарылынна.
Киин куорат Кржижановская уулуссаҕа турар дьиэттэн 1967 с.т. дьахтар 4 мэндиэмэннээх дьиэттэн балконтан сууллубутун балыыһаҕа киллэрдилэр.
Сууккаҕа 4 баһаар тахсыбыт, өлбүт уонна эмсэҕэлээбит дьон суох. Өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламмата. Сууккаҕа 9 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: