Дьуһуурунай борокуруор: Алдаҥҥа икки киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 7 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Үөһээ Дьааҥы Баатаҕай Алыытыгар 1974 с.т. эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ, уорбаланааччы дьахтары туттулар.
Киин куоракка Жорницкай аатынан уулуссаҕа төлөпүөн былдьаатылар, ону таһынан икки уоруу түбэлтэтэ тахсыбыта регистрацияланна. Нам улууһугар аҕам саастаах дьахтартан түөкүттэр 730 тыһ. солк. албыннаан ылбыттар. Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдаҥҥа иккис төгүлүн итирик туруктаах уруулга олорбут суоппардары туттулар.
Дьокуускайга Дальнай уулуссаҕа тутуу кэмигэр 4 миэтэрэ үрдүктэн сууллубут 1983 с.т. эр киһини балыыһаҕа киллэрдилэр.
Алдаҥҥа Ыллымах бөһүөлэктэн 4 км тэйиччи 1975 с.т. суоппар күргэни туораан иһэн «ВАЗ-21213» массыынанан ууга түспүт. Суол быһылааныгар 1979 с.т. уонна 1993 с.т. икки пассажир өлбүт. Борокуратуура дьыаланы хонтуруолга ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: